Сандал саас кэлэн, күммүт чаҕылыччы тыган, оҕо саҥата сир-сир аайы биллэ иһиллэр буолла. Төһө да ОГЭ, ЕГЭ туттарар эппиэтинэстээх кэм буоллар, сандал саас чэбдик салгынынан тыыныаххын, дуоһуйа оонньуоххун син биир баҕараҕын!
Дэриэбинэҕэ улахан куораттарга курдук киэҥ-куоҥ анал оонньуур сирдэр суохтар ээрээри айылҕаҕа көҥүл көччүйэн, саас кэлбитин илэ чахчы билэбит.
Быйыл Кустуурга биир бэлиэ ураты түгэн буолла. Олохтоох ыччаттар бэйэ дьарыктаах Афанасий Горохов уонна технология учуутала Владимир Старостин оҕолорго анаан каток арыйдылар.
Куораттан хаҥкы сакаастаан прокат өҥөтүн киллэрдилэр. Бу биһиэхэ, оҕолорго, ордук үөрүүлээх. Хаҥкылыыр сири бэлэмнээһиҥҥэ Кустуур орто оскуолатын IX-XI кылаас уолаттара туора турбакка күүс-көмө буоллубут. Бырааттарбыт, балтыларбыт хаҥкылыахтара диэн үөрэх кэмин кэнниттэн хаар күрдьэн үлэ күөстүү оргуйда. Кустуур катогар оҕолор кылааһынан, доҕотторун кытта кэлэн хаҥкылаан, хоту сиргэ сааскы күннэрин интэриэһинэйдик атаараллар.
Хас биирдии киһи оҕо сааһыгар хаҥкы хайаан да баар. Биһиги эмиэ хас да сыл ааспытын кэнниттэн, Кустуурбут катогар хаҥкылаан ааспыт оҕо сааспыт дьоллоох күннэрин ахтан-санаан ааһыахпыт турдаҕа.
Наум НАУМОВ, IX кылаас, Кустуур, Эбээн Бытантай