Сарсыарда. Таһырдьа чыычаахтар чобугураһаллара иһиллэр. Кыһыл күммүт күлүмүрдүү күлбүт. Сөрүүн салгынтан чэчирии тыллыбыт күөх мутукча суугунуур. Сарсыарда эрдэ турбут эбээм алаадьылаабыт минньигэс сыта балаҕан иһин толорбут. Быраатым Сиэнньэ хайыы-үйэ эрдэ тура охсон, аҕам маһынан оҥорбут массыынатынан оонньуу сылдьара. Аҕам халлаан суһуктуйуута эрдэ туран оттуу барбыт.
От үлэтэ баар — сылаалаах үлэ. Ол эрээри, окко сылдьан киһи буһа-хата үлэлээн этэ-сиинэ чиҥиир, кытаатар, иҥиир-ситии, тулуурдаах буола үөрэнэр. Уонна оттон, от үлэтигэр сылдьан айылҕаҕа, ыраас салгыҥҥа киһи сынньанар буоллаҕа. Киһи үлэнэн эмиэ сынньана үөрэниэхтээх эбит.
Мин тураат даҕаны эти-хааны уһугуннаран тымныы уунан сууннум. Ийэм иистэнэ олороро.
— Эмиэ түүннэри быһа кинигэ иччитэ буолан ааҕан таҕыстын дуо? Тоҕо эрэ наһаа хойут турдун дии, – эбээм туоһуласта.
— Кылгас кэпсээни аахпытым, – эбээбэр хардарабын. Чэйдээри остуолга олорон эрдэхпинэ ийэм: “Аҕаҥ кэллэ ээ быһыыта, тахсан ыҥыра түс”, — диэтэ. Мин таһырдьа тахсааппын кытта күн көмүс сардаҥалара чаҕылыччы тыкпытыттан хараҕым саатта. Аҕам мас кыстыкка тугу эрэ уһана олороро. Мин: “Аҕаа киирэн чэйдиэххэ”, — диэн ыҥырдым. Дьиэҕэ киирбитим быраатым остуол иннигэр алаадьы мотуйа аҕай олорон, «Мэ»! — диэн миэхэ уунна. Ити курдук чээйдээн баран таһырдьа дьиэ ис-тас үлэтин оҥоро таҕыстыбыт. Ол сылдьан окко олорон сынньана түстүбүт. Ону-маны сэлэһэн иһэн аны сыттыбыт. Устунан инникини ыраҥалаан бардыбыт. Онтон эмискэ быраатым Сиэнньэ эттэ:
— Арай биһиги 2000 сыллардаахха олорор буоллубут? Хайдах буолуо этэй?
— Хайдах да оннук буолбат, — диэтим мин. Онтон эмиэ да саныы түстүм: “Кырдьык арай оннук буоллун? Хайдах буолуо этэй?” 2000 сылынан биһиги бөһүөлэкпит суох буолан хааллын? Бөһүөлэкпит оннугар куорат буоллун… Арай ол саныы сыттахпына, быраатым ыҥырар эбит:
— Мин эн кинигэҕин ылан ааҕан көрбүтүм. Онно сэрии туһунан кэпсэнэр этэ.
— Тоҕо ол мин кинигэбин тыытаҕын, — диэн харыһыйбыт киһилии уорданыах санаа киирдэ.
— Оттон мин эн курдук өйдөөх буолуохпун баҕарабын. Кинигэ – тыла суох учуутал дииллэр дии. Элбэх кинигэ ааҕаммын үөрэхтээх киһи буолуохпун уонна бэйэм кинигэ суруйуохпун баҕарабын.
Мин быраатым улахан киһилии саҥарбытыттан дьиибэргээтим уонна хайдах эрэ испэр эрэнэ санаатым.
«Эдэр корреспондент куруһуок» үөрэнээччитэ Аделия Слепцова, 7 кылаас, Усуйаана бөһ.
29.02.2024 сыл