Биллиилээх психолог Карл Бюлер «Оҕо саас — остуоруйа кэмэ» диэн сөпкө да эппит эбит. Оҕо эйгэтин остуоруйата суох киһи сатаан оҥорон көрбөт. Саха остуоруйата оҕону сырдык ыраас санаалаах, үтүө майгылаах буоларга уһуйар, сахалыы сиэри-майгыны иҥэрэр, тылын-өһүн байытар, куһаҕантан үчүгэйи араарарга үөрэтэр, өйүгэр оҥорон көрөр, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар.
Дэлэҕэ улуу педагог К.Д. Ушинскай этиэ дуо: “Остуоруйа — норуот муудараһа, ону кытта тэҥнэһэр, күрэстэһэр атын күүс баара буолуо дии санаабаппын”, — диэн.
Саха остуоруйатын аан бастакынан сурукка киллэрбит дьонунан буолаллар — көскө кэлэ сылдьыбыт учуонай И.А. Худяков уонна фольклорист Г.У. Эргис. Бу дьон матырыйаалларыгар олоҕуран, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Саха остуоруйалара», «Саха фольклора» диэн хомуурунньуктары таһаартарбыта.
Ити кинигэлэри туһанан, мин оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго “Оҕо саас — остуоруйа кэмэ” диэн бырайыагы суруйан, онон үлэлии-хамныы сылдьабын.
Остуоруйа оҕону сиэрдээх, бэрээдэктээх, үтүө майгылаах эрэ буоларга уһуйбат, бу айымньылар нөҥүө о5о сахатын омугун туһунан киэҥ өйдөбүлү ылар, норуотун ытыктыыр, үгэһин тутуһар, төрөөбүт тылын таптыыр буолар. Итини мин сүрүн сорук оҥоһуннум. Ону ситиһэр туһуттан маннык былааннаахтык үлэлиибин:
- оҕо остуоруйанан сэҥээрдэр араас ньымалары туһаныы (остуоруйаны оонньоон көрдөрөллөр, өйдөрүгэр үөрэтэллэр, истибиттэрин уруһуйдууллар, оҥоһук оҥороллор, ыйытыыларга хоруйдууллар, о.д.а) ;
- остуоруйаны үөрэтиигэ төрөппүтү кытыннарыы (инсценировкаҕа оҕолорун кытта оонньууллар, дьиэтээҕи сорудахтарын тэҥҥэ толороллор, бэйэлэрэ остуоруйа айаллар, о.д.а.)
- остуоруйа геройдарынан оҕону сиэргэ-майгыга иитии (Мэник Мэнигийээн курдук буолума — бэрээдэгэ суох бас-баттах барыма, Куобахтаах Саһылга дылы — куттаныма уонна албыннаама о.д.а.);
- остуоруйа көмөтүнэн оҕо тылын байытыы, кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы (бэйэ-бэйэлэригэр истибит остуоруйаларын кэпсииллэр).
“Оҕо саас — остуоруйа кэмэ” бырайыак чэрчитинэн биһиги “Харыйачаан” уһуйааммыт саха норуодунай уонна бэйэ айбыт остуоруйаларыгар региональнай күрэҕи ыыппыта.
Биһигиттэн 4 бөлөх кыттыбыта. Бэлэмнэнии бөлөхтөн төрөппүт Васильева Кристина уола Дималыын бэйэлэрэ айбыт “Кыһыҥҥы сибэккилэр”, улахан бөлөх оҕолоро «Кэччэгэй балыксыт», орто бөлөх оҕолоро «Таал-Таал эмээхсин», кыра бөлөх оҕолоро «Таба уонна ыт» диэн саха остуоруйаларын көрдөрбүттэрэ. Бу күрэххэ Мэҥэ Алдантан, Ытык Күөлтэн, Уус Алдантан, Чурапчыттан араас интэриэһинэй үлэлэр киирбиттэрэ.
Бу бырайыагынан үлэбин түмүктээн, оҕо төрөппүтүн кытта айбыт остуоруйаларын хомуурунньугун таһаартарыам.
Түмүкпэр өссө төгүл тоһоҕолоон этиэм этэ, кыра саастаах оҕо ситимнээх саҥата, билиитэ-көрүүтэ, болҕомтото, тулуура, истэр дьоҕура, майгыта-сигилитэ сайдарыгар саха остуоруйата оруола улаханын. Иитээччи уонна төрөппүт биир ситиминэн үлэлээтэхпитинэ, оҕобутун саха остуоруйатын кэрэ эйгэтигэр угуйан, уһуйан ииттэхпитинэ, оҕобут сайдыыта кэскиллээх буолара чахчы. Биһиги өбүгэлэрбит үтүөҕэ, кэрэҕэ үөрэтэр-иитэр ньымалара оҕону сайыннарыа, киһилии киһи буолан иитиллэн тахсарыгар төһүү күүс буолуоҕа.
Любовь Гоголева, Уус Таатта «Харыйачаан» оҕо уһуйаанын иитээччитэ.
Таатта.