Саха сиригэр «Оҕо саас навигатордара» Арассыыйа оскуола үөрэнээччилэрин хамсааһынын күрэҕэ саҕаланна. Билигин оскуолалар туох баарынан проекка кыттыахтаахтар.
Иитэр үлэҕэ сүбэһит – оскуолаларга саҥа дуоһунас, баһаатайдар уонна тэрийээччи-педагогтар статустарын көтөҕөр сыаллаах-соруктаах арыллыбыта.
А. Г. уонна Н. К. Чиряевтэр ааттарынан Дьокуускай куорат саха национальнай гимназиятын иитэр үлэҕэ сүбэһит кандидата Александр Макаров этэринэн, «Оҕо саас навигатордара» күрэх саҕаламмытыттан олус үөрэр.
«Мин оҕо сылдьан наар баһаатайдар эрэ үлэлэрин өйдөөн көрөр этим, тоҕо диэтэххэ кинилэр наар тэрээһиҥҥэ сырыттахтара. Кинилэр курдук буолаарыбын учуутал үөрэҕин бүтэрбитим уонна билигин оҕолору кытта үлэлиибин. Педагог-организатордар бүтүн Арассыыйа бырайыактарыгар кыттарбыт олус таһаарыылаах!» – кэпсээтэ Александр Макаров.
Санатабыт, «Оҕо саас навигатордара» – оскуола директорын иитэр улэҕэ сүбэһиттэрин талар аһаҕас күрэх.
Видео: Иван Евсеев