Оҕолор билиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт дойдуларын дьылҕатын, инниик сайдыытын туһунан интэриэһиргииллэр, билэ-көрө сатыыллар уонна бэйэлэрин көмөлөрүн биллэрэллэр.
Онтон кинилэргэ учууталлартан ураты ким өссө көмө буоларый? Биллэн туран, государство. Россия сенаторын Сахамин Миланович Афанасьевы кытта көрсөн кэпсэтэн баран, мин бу санаабын чопчу бигэргэттим.
Кэпсэтиибит сүрүн ис хоһооно кини оҕо сааһын, үөрэҕин, үлэтин, Саха сиригэр агро хайысха сайдыытын туһунан буолла.
Быйыл 2024 сыл Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэриллибитинэн сибээстээн, оҕо саас туһунан ыйытыы биир бастакынан турда. Оҕо саас доҕотторо киһи олоҕор саамай чугас, эрэллээх доҕоттор буолалларын туһунан биһиэхэ дьоммут элбэхтик кэпсииллэр. Ол туһунан Сахамин Милановичтан ыйыталастым.
– Мин хас да оскуолаҕа үөрэммитим. Элгээйигэ, Сунтаарга, Уус Алдаҥҥа Мүрү орто оскуолатыгар, онтон куоракка кэлэн, 2 №-дээх оскуоланы бүтэрбитим. Үөрэммит оскуолаларбар элбэх доҕоттордоох этим. Сунтаарга, Уус Алдаҥҥа, Дьокуускайга, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Хаҥалас Кыһыл Үрүйэтин Хачыкаатыгар сайылыыр этим. Онно сылдьан билсибит доҕотторбун кытта билиҥҥээҥҥэ диэри сибээстэһэбин, табаарыстаһабын, – диэн хоруйдаата.
Мин иккис ыйытыым Саха сириттэн киин үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннары кытта хайдах сибээстэһэн үлэлииллэрин туһунан буолла. Сахамин Миланович устудьуоннары кытта урут-уруккаттан сибээстээх, соҕуруу Иркутскайга үөрэнэ сылдьан, оҕолорго наар көмөлөһөр эбит.
Онон, бэйэтэ эппитин курдук, устудьуоннар олохторун уонна кыһалҕаларын этинэн-хаанынан билэр. – Оччолорго өрөспүүбүлүкэҕэ кадры бэлэмниир департамент диэн баара. Бэркэ диэн билэр, дириҥник ытыктыыр киһибит Матвей Васильевич Мучин салайбыта. Кадры бэлэмниир үлэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ситимнээхтик ыытыллар. Атын регионнарга, дойдуларга үөрэнэ сылдьар оҕолор туох эмэ ыйытыылаах буоллахтарына, кыһалҕаларын быһаарсабыт. Санкт-Петербург, Москва, Хабаровскай, Владивосток үөрэҕин кыһаларыгар элбэх оҕо устудьуоннуур. Ордук адаптацияларын ааһар кэмнэригэр, бастакы кууруска, ыарахаттары көрсөллөр. Ити өттүгэр үлэлэһэбит. Оҕолор адаптацияны ааһан, оннуларын булан баран, дьэ холкутук сылдьар буолаллар.
Билигин устудьуоннар түмсүүлэрэ элбэх. Бэйэ-бэйэлэригэр үчүгэй сыһыаннаахтар, түмсүүлээхтэр. Москваҕа устудьуоннары кытта билсэ турабын. Дьокуускайга эмиэ биир дойдулаахтар түмсүүлэрин кытта үлэлэһэбин. Естественнэй хайысхалаах үөрэх устудьуоннарын кытта ордук ыкса билсэбит, кинилэргэ лекция ыытабын, кэпсэтэбин, аттестацияны ааһар үлэлэргэ кыттыһабын, – диэн хоруйдаата С.М. Афанасьев.
Илона РУФОВА, Х кылаас,
өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт, Дьокуускай