Билиҥҥи оҕолор бары дьоллоох оҕо сааһы билэн, тапталга, көрүүгэ-истиигэ олороллор. Мин эмиэ онтон итэҕэһим суох. Эһиги хаһан эмит толкуйдуу сылдьыбыккыт дуо? Сэрии кэмигэр улааппыт оҕолор оҕо саастарын, кинилэр олохторун?
Мин эһээм Анатолий Иванович бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Дьячковская Анна Ивановна туһунан сырдатыахпын баҕарабын. Дьон барыта, аймахтара кинини Ааныс диэнинэн билэллэр. Кырдьаҕас эдьиийим Ааныс туһунан миэхэ эбээм, ийэм кэпсээннэриттэн, дьиэ кэргэммит кинигэтиттэн билбитим. Ааныс бэйэтэ биһиэхэ ыалдьыттыы кэлэн олус элбэҕи ахтар, саныыр, кини кэпсээннэриттэн өссө элбэҕи кини туһунан билбитим.
Ааныс 1936 сыллаахха Чэкээҕэ бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Кини 5 сааһыгар сэрии саҕаламмыта. Кини аҕата сэрииттэн күрээн дьон атаҕастабылын, аччыктааһыны, холкуос ыарахан үлэтин билбитэ. Дьоллоох оҕо саас диэн тугун билбэккэ улааппыта. Сэрии саҕана сутааһын, аччыктааһын, элбэх киһи өлүүтэ саҕаламмыта. Эр киһитэ суох олох ыарахан буолбута. Ол саҕана Аһымаҕа дьааһыла баар этэ. Ол онно Ааныс 2 кыра бырааттара куһаҕан астан, көрүүтэ суохтарыттан өлбүттэрэ. Ол кэмҥэ ас, таҥас кэмчи буолан улахан эрэйи көрбүттэр. Ийэлэрэ сарсыарда сырдыы илигинэ икки оҕуһунан от тиэйэ бараллара, таарыччы оҕолорун аһатаары куйуурдаан балыктыыллар, түүн кэлэллэр. Балыктарын ууга буһаран сиэн баран утуйан эрдэхтэринэ тревога биллэрэллэр. Ийэлэри таһырдьа үүрэн таһааран окуопа хастараллар, мас саа туттаран хаар устун сыылыннараллар.
Сэрии бүтэн олохторо арыый чэпчээбит. Ааныс 12 сааһыттан холкуоска үлэлээбит, дьиэ кэргэнин абыраабыт. Бастаан киниэхэ борооскулары көрдөрбүттэр, онтон 12 ыанар ынаҕы көрүүгэ биэрбиттэр. Кини ынахтарын бэйэтин оҕолорун курдук харыстыыр, аһатар, харайар. Ааныс көрөр ынахтарыттан биир да ынах өлбөтөҕө, 12 ынахтан 12 ньирэй төрөөбүтэ. Эдьиийим Ааныс ньирэй төрөөбүтэ. Эдьиийим Ааныс 30 сылы быһа тохтобула суох ыанньыксыттаабыта, бастыҥ дьоннор кэккэлэригэр сылдьыбыта.
1950 сыллаахха Бэрдьигэстээххэ бастыҥнар мунньахтарыгар кыттыыны ылбыта. Саамай киэн туттар наҕараадата – Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай грамотата.
1958 сыллаахха мин хос эбээм, Ааныс ийэтэ, ыарахан олохтон ыарыһах буолан өлбүтэ. Дьиэ көрүүтэ, бырааттарын, балыстарын тулаайах хаалбыттары ийэлэрин солбуйан көрөр буолбута.
Мин кырдьаҕас эдьиийим Ааныс маннык ыарахан олоҕу тулуйан билигин 84 сааһын туолан олорор. Олус үтүө киһи, бэһиэлэй, элбэх кэпсээннээх, сэһэннээх. Кыраттан наһаа үөрэр. Мин билигин 11 саастаахпын, эдьиийим мин саҕа сылдьан холкуос ыарахан үлэтигэр сылдьыбыта, элбэҕи тулуйбута. Билиҥҥи оҕолор ыараханы төһө тулуйуо этибитий? Ааныс билигин төрөппүттэрин өтөҕөр Ыанньайга сайылык туттан сайын аайы оттуур, сүөһүлэрин көрөр, отоннуур, үлэлии-хамныы сылдьар.
Мин эдьиийбинэн киэн туттабын, кини олоҕо аныгы оҕолорго холобур буолуон сөп.
Дайаана ТАРАСОВА,
Кировскай орто оскуолатын 6-с кылаас үөрэнээччитэ,
Горнай улууһа.