Педагогика психологиятыгар “оскуолаҕа бэлэмнээх буолуу” өйдөбүлэ олус киэҥ. Ол курдук манна интеллектуальнай, личностнай, социальнай уонна эмоциональнай өттүнэн бэлэм буолуу өйдөбүллэрэ киирэллэр.
Интеллектуальнай өттүнэн бэлэм буолууга оҕо өйүгэр оҥоһуллар процесстар (сатаан тэҥниир, араарар, сүрүнүн булар, түмүктүүр уо.д.а.), элбэҕи билэрэ-көрөрө, тылын-өһүн сайдыыта, илиитэ сурук үлэтигэр бэлэм буолуута, саҥаны билэргэ-көрөргө көхтөөҕө киирэр.
Личностнай өттүнэн бэлэмҥэ, бастатан туран, “произвольное поведение” диэн ааттанар бэйэни салайынар хаачыстыба киирэр. Ол аата быраабыланы тутуһуу, ирдэбили толоруу, болҕойон көрүү уонна истии, бэриллибит сорудаҕы чопчу толоруу буолар. Иккиһинэн, оҕо оскуолаҕа үөрэнэр баҕата (мотивация) киирэр. Бу хаачыстыба икки өрүттээх: 1) социальнай – оҕо улаатан, үөрэнэр кэмэ кэлбитин өйдөөн, атын оҕолор курдук, кинилэртэн хаалбакка оскуола киһитэ буоларга дьулуһуута (тас көстүү); 2) оҕо саҥаны билиэх-көрүөх, сайдыах, үөрэниэх баҕата (ис турук).
Социальнай өттүнэн бэлэм буолууга оҕо тус бэйэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, улахан дьону, тэҥнээхтэрин кытта таба сыһыаны олохтоон, сатаан бодоруһар үөруйэҕэ киирэр.
Эмоциональнай өттүнэн, оҕо ыарахантан толлубат, атын киһи иэйиитин өйдүүр, сатаан бэйэтин иэйээннэрин (эмоцияларын) салайынар буолуохтаах.
Оҕо оскуолаҕа үөрэнэр баҕата уонна сатаан бэйэтин салайынан быраабыланы тутуһуута (произвольное поведение) оскуолаҕа бэлэмнээх буоларыгар, оскуола усулуобуйатыгар үөрэнэригэр саамай наадалаах хаачыстыбалар. Оҕо төһө да ааҕар уонна суруйар буолбутун иһин, бу икки хаачыстыбата ситэ сайдыбатах буоллаҕына, кини сатаан оскуола быраабылатын уонна ирдэбилин тутуһан үчүгэйдик үөрэнэр кыаҕа суох.
Оҕо илиитэ сурук үлэтигэр бэлэм буолуута эмиэ олус уустук, наадалаах хаачыстыба. Оҕолор бу өттүнэн ситэ бэлэмэ суохтарыттан ордук үөрэх бастакы ыйдарыгар ыарахаттары көрсөллөр.
Үөрэнии тас көстүүтүгэр эрэ умсугуйуу өр барбат. Ол иһин оҕо саҥа билиигэ-көрүүгэ, сатаабаты сатыырга тардыһара мөлтөх буоллаҕына, сотору кэминэн оскуолаҕа ордук оонньуурун ордорор, үөрэниэн сүрэҕэлдьиир буолуон сөп.
Ол иһин төрөппүттэр оҕолоро оскуола олоҕор үөрэнэр кэмин чэпчэтэр туһугар туохха болҕомтолорун ууруохтаахтарый?
- Оҕо бэйэтин салайынарга үөрэнэрин туһугар, бастатан туран, күннээҕи олох кэрчиктэрин, бириэмэни туһанарга үөрэтиэххэ наада. Иккиһинэн, дьиэ иһигэр кыра-кыра сорудахтары биэриэххитин сөп. Ол эппит сорудаххытын төһө сөпкө өйдөөн истибитин булгуччу бэрэбиэркэлээн, ону хатылатар ордук. Ону кыайдаҕына, күннээҕи олоҕун бэйэтэ былааннанарын ситиһэргэ дьулуһуҥ.
- Дьиэҕэ үлэ толороругар болҕомтолоро ыһылла илигинэ, ыарахан сорудахтан саҕалыыр ордук. Ол оннугар чэпчэки сорудахтары бүтэһик да оҥоруохтарын сөп.
- Оҕоҕут тугу эрэ сатаан толорботоҕуна, кыралаан көмөлөһөргүт наада. Ол гынан баран сорудаҕы барытын оҥорон биэрэн буолбакка, сөп эппиэти бэйэтэ буларыгар сирдээн биэрэр ордук. Дьиэҕэ үлэҕитин толорон баран булгуччу оҕоҕутун хайҕааҥ, хайдах курдук ыарахан сорудаҕы бэйэтэ оҥорбутун бэлиэтээҥ.
- Оскуолаттан кэллэҕинэ, үөрэх туһунан сиһилии кэпсэтиҥ, тугу билбитин-көрбүтүн, сатаабытын ыйыталаһыҥ, ол эрээри хас сыананы ыллын диэн эрэ киниттэн ыйытар табыллыбатын өйдөөҥ.
- Учууталы кытта уопсай тылы булуҥ, өйдөспөт түгэни, оҕоҕут ыарырҕатар өрүтүн кини истибэтигэр быһаарсыҥ.
- Уруок ааҕар бириэмэтин тутуһуҥ. Оҕо үчүгэйдик сынньанарын, салгыҥҥа сылдьарын, оонньуурун хааччыйыҥ, элбэхтик хамсанарын ситиһиҥ.
- Кини соҕотох буолбатаҕын, элбэх оҕону кытта бииргэ үөрэнэр уратылааҕын өйдүөхтээх. Учуутал да, оҕо да саҥатын болҕойон истэр наадатын быһаарыҥ. Төһө кыалларынан дьиэҕитигэр онно эрчиллиҥ.
- Бэйэтин кыаҕар эрэнэргэ үөрэтэр курдук оҕоҕутун элбэхтик хайҕааҥ. Кыахтаах, үчүгэй өрүттэригэр тирэҕирэн эрэ оҕону ситиһиилээх буоларга үөрэтиэххэ сөп.
- Оҕо алҕаһыыртан куттаныа суохтаах. Ол наадатыгар кини сыыһаларыгар улахан болҕомтону уурумаҥ. Ол оннугар сөпкө толорбут сорудаҕын бэлиэтии көрөн, сыыһатын көннөрөргө көмөлөһүҥ.
- Оҕо илиитин сайыннарарыгар анаан учуутал биэрбит сорудахтарын барытын кыһаллан толорорун кэтээн көрүҥ.
А.Ф.Сивцева
95№-дээх “Зоренька” уһуйаан иитээччитэ.