Ахсынньы 30 чыыһылатыгар «Үөһээ Бүлүү» хаһыакка «Ааһан эрэр сыл бэлэхтэрэ» диэн төбөлөөх заметканы аахтым.
Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Васильевич Антонов иһитиннэрии оҥорбутун таһаарбыттар. «Ороһу нэһилиэгин дьаһалтата Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка 400-тэн үөһэ нэһилиэнньэлээх муниципальнай тэриллиилэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт «1000 дворов» куонкуруска кыайда! Бу кыайыынан көрүллүбүт 9 мөлүйүөн 875 тыһыынча солкуобай суумаҕа Бүөтүр Тобуруокап аатынан оҕо оонньуур былаһааккалаах, сүүрэр доруоскалаах, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго анал инвентарьдаах мини-паарка тутуллуоҕа», — диэбитин сэргээтим уонна мини-пааркаҕа үбү туһанарга сөптөөх диибин, тоҕо диэтэххэ, оҕолор саас, сайын, күһүн мустан оонньуурбутугар, каникулга аймахтарыгар күүлэйдии кэлбит оҕолору кытта алтыһарга,кэпсэтэргэ уонна доҕордуу буоларга.
Биһиги, оҕолор, бэйэ-бэйэбитин кытта күннээҕи сонуну үллэстэр сирдээхпит наада.
Ванесса Прокопьева, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу.