Хайа баҕарар Ийэ Дойду төһө сайдыылаах, баайдаах-дуоллаах, күүстээх кэнэҕэскилээх, кыайыылаах-хотуулаах буолара барыта бүгүҥҥү оҕолор хайдах киһи-хара буолан, ситэн-хотон тахсалларыттан тутулуктаах.
Күндү оҕолорбут!
Биһиги эһиги инникигит ситиһиилээх буоларын туһугар саҥалыы ис хоһоонноох бырагырааманы оҥордубут. Биһиги 1992 с. «Оҕону төрүт култуураны тилиннэриинэн, салгыы сайыннарыынан иитии – Эркээйи» бырагырааманы оҥороммут, Саха сирин дьоно «Эркээйинэн» иитиллибит оҕолор бары онон үлэлээн чахчы да норуоттарбыт төрүт култуураларын тилиннэрдибит, аан дойду таһымыгар таһаардыбыт.
Билиҥҥи кэм хардыытыгар эргэ «Эркээйибит» эһигини күн аайы сайыннарарга сөп түбэспэт буолла диэн саҥардан оҥордубут. Төрөппүттэр, учууталлар, улахан дьон аны эһигини «иитэбит» диэн тылы туттуо суохтаахтар. «Иитии» диэн тыл былыр-былыргаттан ыла «аһатыы-сиэтии, көрүү-харайыы, дьаһайыы» диэн суолталаах буолан, дьиэ кыылыгар эрэ туттуллар эбит. Оттон оҕону төрүөн инниттэн бэйэтин кыанар кыахтаах киһи буолан тахсарыгар сөптөөх сыһыаны, дьарыгы тэрийэллэр эбит.
Онон саҥа бырагыраамабыт «Оҕо, эдэр ыччат сайдар, сайыннарар эйгэтин тэрийии – Эркээйи эргиллиитэ» диэн буолла. Онон эһигини ийэҕит иһигэр сылдьар кэмҥититтэн ыла таптаан, эрэллэрин биллэрэн, кэпсэтэн, ыллаан, эһиги доруобай өйдөөх-санаалаах, сайдыбыт тыллаах төрүөхтээххит. Бу кэмтэн ыла эһиги элбэхтик кэпсэтэн, бэйэҕит олуккутун, удьуоргутун салгыыр, сайыннарар, кэнэҕэскилэрин арыйар, тэрийэр, көрөр-харайар киһи буолан тахсыахтааххыт. Оччоҕо биһиги киэҥ-куоҥ Сахабыт сирэ самныа суоҕа, сайдан силигилии туруоҕа.
Бу олус улахан ситиһии хайдах олоххо киириэн сөбүй? Саамай маҥнайгы сүрүн олугу ийэлэр-аҕалар уураллар. Кинилэр хайаан да дьоллоох оҕолоох ийэ-аҕа буоланнар, айыы үөрэҕин, норуот үгэстэрин билэр, тутуһар буолуохтаахтар. Эһиги төрөөт да, ийэ куккут кутуллан, дууһаҕыт эйгэтэ сайдан барар. Эһэлэргит-эбэлэргит удьуордарын утумнаан, өйгүт-санааҕыт сайдан, 2 сааскытыгар «Мин маны тутуом-оҥоруом» диэн санаалар үөскүүллэр. Онон бу сааскытыгар эһиги бэйэҕит дьоҕургутун, талааҥҥытын көрдүүр кэмҥит. Эһигини элбэхтик дьарыктаан, оонньотон-оҥотторон, айылҕаттан айдарыыгытын 4-6 сааскытыгар арыйыахтаахтар.
6 сааскытыгар эһиги салгын куккут кутуллар кэмэ: ис туруккут, өйгүт, толкуйгут, ырытыыгыт сайдар. «Мин бэйэм оҥоруом», «Мин бэйэм ситиһиэм» диир буолаҕыт. Онон бу сааскытыгар улахан дьон эһиги өйгүт-санааҕыт, талааҥҥыт сайдар эйгэтин тэрийиэхтээхтэр, «итини оҥор-оҥорума» диэн хааччахтааһын суох буолуохтаах. Төрүттэргит дьоҕурдарын туһунан кэпсиэхтээхтэр, билиһиннэриэхтээхтэр. Ис дууһаҕыт тугу этэрин тутуһа, толоро сатыахтааххыт.
7-9 сааскытыгар бэйэҕит талааҥҥытын олоххо киллэрэргэ ылсыһыахтааххыт, салгыы сайдар суолгутун арынан, бэйэҕитин бэйэҕит сайыннарар суолга киириэхтээххит. Бу сааскытыгар буор куккут кутуллар кэмэ. Тулалыыр дьоҥҥо туһалааҕы оҥорор кыахтаах, сиэрдээх киһи буола улаатаргытыгар баҕарабын.
Т.М. Ильина, СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ,
РФ ыччат политикатын Бочуоттаах үлэһитэ, «Эркээйи эргиирэ»
авторскай кэлэктиип салайааччыта.
Бэлэмнээтэ, бэчээттээтэ Анюта Андреева, «Кэскил» хаһыат корректора.