“Халамнаайы мууһугар кырачаан баҕайы уолчаан ойбон алларан, анньыытын тыаһа курдурҕаан-чыбырҕаан, дьыбардаах халлааҥҥа иһиллэ турара. Туртаччы тоҥмут сирэйэ улам-улам кытаран, тиритэн буруолаан барбыта. Оҕочоос барахсан итийэн-кутуйан, дьэгдьийэн-чэпчээн, дьэ, туттуута киирбитэ. Ойбонун алларда, уута оргуйда… Ойбоно түөрт собону төлүтэ тэппитэ. Оо, оҕо барахсан үөрбүтүөн!
Куйуурун түһэрэн, маҥкытын кэтэрдэн, куойатын эргитэн куоҕаҥныы турбута. Уута курулуур, эргийэр-ытыллар, уолчаан куоҕаҥныыр…”
Сүүстэн тахса сыллааҕыта кыракый Былатыан Халамнаайы күөлүгэр куйуурдуу туран: “Үөрэнэн, үрүҥ күн сырдыгын көрөргө бу үтэ булаары сордоно турабын. Үтэлээ, эбэккээм, үтэлээ”, — диэн көрдөспүтүн курдук, улуу киһибит биир дойдулааҕа, Чөркөөх орто оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ Сеня Неустроев “Таатта” хаһыат 80 сыллаах үбүлүөйүгэр кэлбит ыалдьыттарга Халамнаайы күөлүгэр куйуурдаан көрдөрдө.
— “Оҕо куйуурдуу турара” айымньыны Ойуунускай 125 сылынан элбэх сиргэ аахпытым. Ол иһин нэһилиэгим баһылыга Михаил Аржаков сылы түмүктүүр дьоро киэһэҕэ миэхэ Ойуунускайга анаммыт мэтээли туттарбыта. Уһун тиэкиһи түргэнник өйдүүбүн. Ийэм Елена Филатова-Сыгыйык — хомоҕой тыллаах хоһоонньут. СӨ Суруйааччыларын сойууһугар киирбитэ. Баҕар, ол иһин сахалыы уус-уран тылы ыарырҕаппакка ылынарым буолуо. Аҕам Семен Климентьевич да өттүнэн суруйааччылар бааллар. Таайа фронтовик-поэт Макар Хара. Дьон иннигэр ааҕарбыттан улаханнык долгуйбаппын. Тоҕо диэтэххэ, бастакы кылаастан сыанаҕа тахса үөрүйэхпин. Р.Н. Филатова салайар “Көөчүк” фольклорнай ансаамбылга сылдьыбытым. Улааттахпына быраас буолар баҕа санаалаахпын, — диэн кэпсиир сып-сырдыгынан сандаарыччы көрбүт Сэмэнчик уол.
…Оҕо куйуурдуу турара – үөрэхтээх буолаары… Сэмэнчик эмиэ үөрэхтээх киһи буолан, дойдутугар, норуотугар туһалаах, кэсиллээх ыччат буоллун.
А.Иевлева.