Оҕолор уонна төрөппүттэр бииргэ бырааһынньыктыыр бэлиэ күннэрэ
Бэс ыйын 1 күнэ – оҕо көмүскэлин уонна төрөппүттэр Аан дойдутааҕы күннэрэ. Ону тэҥэ бу күн оҕо аймахха сайыҥҥы сынньалаҥнар саҕаланаллар, оттон төрөппүттэргэ самаан сайын саҕаламмытын уонна күөх окко үктэммит үөрүүлэрин үллэстэр күүтүүлээх күннэрэ.
Эппити бигэргэтэн, бэс ыйын 1 күнүн биэс чахчытын быһаарар наада дии саныыбын.
1-кы чахчы
Оҕо көмүскэлин күнүн бырааһынньыктааһын туһунан Быһаарыы 1949 сыл алтынньы ыйга Париж куоракка ыытыллыбыт дьахталлар Аан дойдутааҕы демократическай кэнгириэстэригэр ылыныллыбыт уонна 1950 сыллаахтан саҕалаан бэлиэтэнэр. Ити сыл 51 судаарыстыба Оҕо көмүскэлин күнүн бэлиэтээбит. Онон быйыл бу бэлиэ күн Аан дойдуга 72-с төгүлүн бэлиэтэнэр.
2 чахчы
Оҕо быраабын туһунан аан бастакы Иһитиннэрии (Декларация) 1959 сыллаахха оҥоһуллубут. Онтон Оҕо көмүскэлин күнэ олохтуммутун кэннэ, уон сыл буолан баран, Нациялар Холбоһуктаах Тэриллиитэ оҕо быраабын Декларациятын торумун оҥорбут. Итиннэ олоҕуран, 1989 сыл сэтинньи ый 20 күнүгэр оҕо быраабын Конвенцията бигэргэммит. Туһааннаах боппуруоска оҕо быраабын судаарыстыбалар икки ардыларынааҕы дуогабардарын быһыытынан, бу Конвенция оҕо быраабын Аан дойду таһымыгар көмүскүүр улахан төрүт суолталаах юридическай докумуон буолар.
3 чахчы
Сорох дойдуларга Оҕо көмүскэлин күнэ бэс ыйын 1 күнүгэр буолбакка, сэтинньи ый 20 күнүгэр бэлиэтэнэр. Нациялар Холбоһуктаах Тэриллиилэрин Генеральнай Ассамблеята 1954 сыллаахха Оҕо көмүскэлин күнүн Аан дойду таһымыгар бэлиэтиэххэ сөбүн туһунан этии киллэрбит. Ол кэннэ, 1959 сыллаахха туһааннаах Декларация, 1989 сыллаахха Конвенция ылыныллыбыттар.
4 чахчы
Оҕо көмүскэлин күнэ бэйэтэ ураты былаахтаах. Былаах от күөҕэ өҥө үүнүүнү-сайдыыны, чэгиэни уонна быйаҥы кэрэһилииллэр. Ортотугар баар Сир—сир биһиги уопсай дьиэбит буоларын кэрэһилиир. Оттон Сири тула сиэттиһэн турар араас өҥнөөх киһи фигуркалара биир ситим сомоҕолоһууну бэлиэтииллэр.
5 чахчы
Бэс ыйын 1 күнүгэр өссө биир саҥа бырааһынньык бэлиэтэнэр. Бу — төрөппүттэр Бүтүн аан дойдутааҕы күннэрэ. Ити туһунан 2012 сыллаахха Нациялар Холбоһуктаах Тэриллиилэрин Генеральнай Ассамблеяларын 66-с сессияларыгар бигэргэммит. 2013 сылтан саҕалаан, бэс ыйын 1 күнүгэр бу бырааһынньык Аан дойду таһымыгар бэлиэтэнэр эбит. Онон, бэс ыйын 1 күнэ оҕолор уонна төрөппүттэр үөрэ-көтө бииргэ бырааһынньыктыыр бэлиэ күннэрэ.
Бу бырааһынньыгы көрсө Дьокуускай куорат 10-№дээх «Туллукчаан» биэбэйигин «Мичээр» бөлөҕүн төрөппүттэриттэн кинилэр оҕо саастарын туһунан өйдөбүллэрин уонна оҕолорго анаан туох баҕа санаалаахтарын ыйыталастым.
Мария Степановна Семенова:
— Дьоллоох оҕо сааһым Нам улууһун I Хомустаах нэһилиэгэр ааспыта. Ийэм Мария Афанасьевна идэтинэн медсиэстэрэ, аҕам Степан Прокопьевич идэтинэн лесник. Төрөппүттэрбит олох эдэр сылдьан сабыс-саҥа дьиэ туттан киирэн, эмдэй-сэмдэй түөрт кырачаан оҕолорун дьоллообуттара.
Оҕо сааспар иитиллэрбэр улахан оруоллаах киһим эбэм Варвара Николаевна Баишева буолар. Кини сарсыардаттан уу сахалыы унаарытан саҥарара, “Сарсын-сарсын сарсыарда, саадьаҕай ынаҕым маҥырыыта…” диэн ырыата, сахалыы алыптаах остуоруйалара, өлгөм үгүс үүтэ-сүөгэйэ, сылаас, сымнаҕас сахалыы эйгэтэ миэхэ дьоллоох олоҕу түстээбиттэрэ. Эбэлээх буоламмын биэбэйиккэ оскуолаҕа киириэм иннинэ биир эрэ сыл сылдьыбытым. Иитээччим Христина Иевна Федосеева, ньээҥкэм Матрена Егоровна Делиграсова кыһамньылаах илиилэригэр киирэммин, өссө үүммүтүм-сайдыбытым.
Маҥнайгы кылааска билии-көрүү эйгэтигэр учууталым Марфа Гаврильевна Степанова эрэллээхтик сиэтэн киллэрбитэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, үөрэхпиттэн ураты үҥкүүнэн дьарыктаммытым, пионер буола сылдьаммын, Дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээммин, “Артек” лааҕырга сынньанар чиэскэ тиксибитим.
Билиҥҥи оҕолорго баҕарыам этэ чаҕылхай күннээх эйэлээх халлааны, ийэ, аҕа уостубат тапталын, дьиэ кэргэннэригэр үүнэргэ, сайдарга аналлаах сылаас, сымнаҕас сыһыаны, эйгэни, сахалыы тылларын өрө тутаннар, саха буолан сандаардыннар! Түгэнинэн туһанан, Дьокуускай куорат 10 нүөмэрдээх “Туллукчаан” биэбэйик “Мичээр» бөлөҕүн иитээччилэригэр Парасковья Ивановнаҕа Поповаҕа, Катерина Гаврильевна Бурнашеваҕа, Акулина Николаевна Ивановаҕа улахан махталбытын биллэрэбит! Сахалыы эйгэни олохтообут, оҕолору ийэ тылга, төрүт култуураҕа уһуйар “Мин саха оҕотобун» бырайыак ааптарынан Парасковья Ивановна Попова буолар. Оҕолорбут бары кинини «Эбээ Парасковья», диэн ааттыыллар, оҕолор сөбүлээн дьарыктанан, сахалыы тыыннара уһугунна, билиилэрэ-көрүүлэрэ үксээтэ.
Сардана Александровна Созонова:
— Мин Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм, улааппытым. Оҕо сааһым наһаа дьоллоохтук ааспыта. Төрөппүттэрбэр махталым муҥура суох. Мин санаабар оҕо ханнык биэбэйиккэ, оскуолаҕа сылдьара, кимниин доҕордоһоро, хайдах эйгэҕэ улаатара — бу барыта кини инники олоҕор олус улахан оруолу оонньуур. Ол курдук, мин бэйэм эмиэ “Туллукчаан” биэбэйиккэ сылдьар дьолго тиксибитим. “Туллукчаан” оччоттон баччааҥҥа диэри куорат биир бастыҥ биэбэйиктэрин ахсааннарыгар киирэ сылдьар. Иитээччилэрбит Ирина Ивановна, Валентина Васильевна биһиэхэ элбэх билиини биэрбиттэрэ, бары өттүнэн сайдарбытыгар улахан олугу уурбуттара. Ол курдук, үгүспүт Дьокуускай куораттааҕы саха национальнай гимназиятыгар сиэттиспитинэн үөрэнэ киирбиппит. Гимназияҕа үөрэммит сылларбыт, гимназиябыт сахалыы тыына, туспа ураты эйгэтэ хас биирдии үөрэнээччигэ истиҥ сыһыана — бу барыта биһиги оҕо сааспыт эрэ буолбакка, олохпут биир чаҕылхай кэмнэрэ буолаллар. Билигин анны оҕолорбут “Туллукчаан” биэбэйиккэ бииргэ сылдьалларыттан биһиги үөрэбит эрэ.
Аныгы саха оҕото бу түргэнник сайдан иһэр олоххо хаалбакка, тэҥҥэ барсан иһиэхтээх уонна бэйэтин төрөөбүт тылын хайаан да билиэхтээх, саҥарыахтаах дии саныыбын. Биһиги “Мичээр” бөлөхпүтүгэр хас нэдиэлэ аайы “Мин саха оҕотобун” диэн ханна да суох үчүгэй бырайыак үлэлиириттэн биһиги, төрөппүттэр, оҕолор, оннооҕор эһээлэр, эбээлэр наһаа үөрэбит, долгуйа күүтэбит. Оҕолорбут сахалыы таҥастарын кэтэллэр, төрөппүттэр астаабыт алгыстаах алаадьыларыттан сахалыы күммүт саҕаланар. Манна саха сирин историятын, култууратын, өс хоһооннорун, саха норуотун үгэстэрин үөрэтэллэр. Сахалыы оонньуулары оонньууллар, оһуокайдыыллар, алгыс ылаллар. Билиҥҥи технология, ютуб үйэтигэр норуот култууратын, сиэрин-туомун сөргүтэр кэмҥэ биһиги иитээччилэрбит наһаа сөптөөх ньымалары туһанан дьарыктары ыыталлар. Парасковья Ивановна, Катерина Гаврильевна, Акулина Николаевна курдук бэйэлэрин үлэлэригэр бэриниилээх, ис истэриттэн долгуйар иитээччилэр баалларын тухары саха тыла, саха норуота сүтэн симэлийиэ суоҕа. Түгэнинэн туһанан, күндүтүк саныыр, убаастыыр, оҕолорбутугар ийэлии, эбээлии сыһыаннаһар күндү иитээччилэрбитигэр өссө төгүл улахан махталбытын тиэрдэбит! Төрөппүт, иитээччи бииргэ сүбэлэһэн үлэлээтэхпитинэ, кыһалыннахпытына эрэ оҕолорбут оҕосаастара дьоллоох, интэриэһинэй буолуоҕа.
Ариан Юрьевич Колодезников:
— Мин оҕо сааһым эһэм аахха, Мэҥэ Алдаҥҥа ааспыта. Онно биэбэйиккэ сылдьыбытым. Ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Марина Васильевна иитээччи буолан, харах далыгар сылдьыбытым. Оҕо сааһым дьоллоохтук ааспыта диэн саныыбын. Ол кэмнээҕи доҕотторбун кытары билигин да көрсөбүн, үөрэ-көтө кэпсэтэбин. Оҕо сааспыттан чаҕылхайдык өйдүүрүм—бэлэсипиэти аан бастаан тэбэ үөрэнэрим, футболлуу оонньуурум, күн тура-тура оонньоон-көрүлээн, дьиэбин киэһээ биирдэ буларым.
Оҕо көмүскэлин күнүгэр анаан оҕолорбутугар баҕарыам этэ дьоллоох оҕо сааһы, эйэлээх халлааны, элбэх эрэллээх доҕоттору, кырачааннарбыт хаһан да ыалдьыбатыннар, чэгиэн, чэбдик сырыттыннар.
Катерина Гаврильевна Бурнашева, иитээччи:
— Мин хатыҥнардаах, чараҥнардаах ийэм дойдутугар Чурапчыга төрөөбүтүм. Оҕо сааһым учууталлар дьиэ кэргэттэригэр Уус Алдаҥҥа ааспыта. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Төрөппүттэрбит Анна Петровна уонна Гавриил Васильевич биһигини таптаан, маанылаан, харыстаан ииппиттэрэ. Кинилэр куруук үлэ үөһүгэр сылдьар этилэр. Ону удьуордаан, оҕо иитиитин эйгэтин талан, күн бүгүнүгэр диэри дьонум үтүө холобурдарыгар тирэҕирэн, үлэлии сылдьабын.
Оҕолорбор доруобай оҕо сааһы баҕарабын. Ол инниттэн сөпкө аһаан, хамсанан, күннээҕи режими тутуһалларын төрөппүттэрбит ситиһиэхтэрин баҕарабын. Улааттахтарына, биэбэйик саастарыгар билбит-көрбүт үөрүйэхтэрэ тэҥҥэ сайдан, олохторугар туһалаах, көмөлөөх буоларыгар баҕарабын уонна уйулҕа өттүнэн чөл, толору туруктаах дьон буолалларыгар баҕарабын. Бэйэм үлэлиир биэбэйикпэр баҕарыам этэ өссө үүнэ-сайда, биһиги инники кэскиллэрбитин кэрэҕэ, үтүөҕэ уһуйа туралларыгар баҕарабын.
Түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэбит бары дьиэ кэргэттэрин Оҕо аан дойдутааҕы көмүскэлин уонна төрөппүттэр күннэринэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибин. Чөл доруобуйаны, үлэни-хамнаһы, баайы-дуолу, дьиэ кэргэҥҥэ ситиһиилэри баҕарабын.
Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрэ мэлдьи үксүү, кэтэх хаһаайыстыбалара быстыбакка халыҥыы, тиэргэннэрэ куруук оҕо саҥатынан толору буоларыгар уонна дьолу-соргуну тускулуубун!
Парасковья ПОПОВА-Тускулаана,
РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ.