Дьокуускайдааҕы оҕо дыбарыаһыгар Россияҕа биллэриллибит Оҕо саас уон сылыгар (”Десятилетие детства”) уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Сомоҕолоһуу сылыгар анаммыт «Женщины долины Туймаада: консолидация во имя детей» форум иһинэн ыытыллар Россиятааҕы оҕо хамсааһынын “Наше десятилетие” сүлүөтэ үөрүүлээхтик аһылынна.
Манна өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан саамай көхтөөх, кыһамньылаах 350 оҕо муһунна. Бэйэтин этиитигэр СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров өрөспүүбүлүкэ оҕо сайдыытыгар улахан болҕомтону уурарын тоһоҕолоото:
— 2002 сылтан утумнаахтык үлэлээн, 200 тахса үөрэх тэрилтэлэрин тутуулара үлэҕэ киирдилэр. Билигин социальнай бырайыак быһыытынан, олоххо көхтөөх дьону иитэн таһаарар, оҕо дьоҕурун сайыннарар сыалтан чэбдигирдэр кииннэр, технопааркалар, атын эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ тутуллаллар. Үөрэх систиэмэтин уонна оҕо хамсааһынын сайдыытыгар улахан суолтаны ууран, оҕо быраабын уонна интэриэһин көмүскүүр анал бырагыраамалар олоххо киирэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо хамсааһына сайда, бары улуустарга саҥа сүүрээн, саҥа идиэйэ, бырайыак киирэ турарын үөрэ көрөбүт.
Владимир Егоров оҕо хамсааһынын сайдыытыгар бэриллэр СӨ Ил Дарханын гранын куонкуруһун кыайыылаахтарыгар сертификаттары туттарда.
Оҕо хамсааһынын сайдыытыгар бэриллэр СӨ Ил Дарханын гранын куонкуруһун кыайыылаахтара:
«Я- юный вожатый» номинация – “Юные якутяне” ресурснай киин «Мир изменится вместе с нами» РДШ сүлүөтэ” бырайыага.
«Я-юный предприниматель» — Өлүөхүмэтээҕи оҕо-ыччат киинин «Организация досуга школьников на базе районного детско-юношеского центра «Палитра впечатлений» бырайыага.
«Я- юный эколог» — М.А.Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи лиссиэй-интэринээт «Комплексная экспедиция школьников и студентов «По следам Ричарда Маака в Вилюйском регионе» бырайыага.
«Я- юный правовед» — Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуолалара «Я – юный правовед» бырайыага.
«Я- творец добра» — Нерюнгритааҕы оҕо айымньытын киинин «Я покажу тебе сказку» бырайыага.
«Я-кузнец творчества» — Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дети солнечного мира» уопсастыбаннай тэрилтэ «Кубик ЛЕГО» бырайыага.
«Я – наследник земли Олонхо» — «Детская Ассамблея народов РС (Я)» уопсастыбаннай тэрилтэ «Организация и проведение ысыаха дружбы детской ассамблеи народов РС(Я)» бырайыага.
«Я − рыцарь пера» — Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Павловскай оскуолатын «Война. Победа. Память» бырайыага.
Саалаҕа мустубут ыччакка соһуччу бэлэх быһыытынан “Голос – 6” финалын кыттыылааҕа, “Градский холл” театр солистката, “Филфак” сериал ааптара, аһымал уопсастыбаннай тэрилтэлэр волонтердара Лора Горбунова ураты куолаһынан ыллаан, тэрээһини киэргэттэ.
Форум биир бэлиэ түгэнинэн 2019 сыл быстыҥ актыбыыстарын наҕараадалааһын буолла.
«Юный журналист» номинация – “Кэскил” хаһыат эдкора Виктория Агеева (Бэрдьигэстээх гимназията).
«Юный правовед» — Марат Хайруллин (Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуолалара).
«Пропагандист ЗОЖ» – Ирина Шевцова (Дьокуускай 10 №-дээх оскуолата).
«Юный предприниматель» — “Ларионовец” оҕо тэрилтэтин актыбыыһа Дайаана Игнатьева (В.П.Ларионов аат.Майа орто оскуолата).
«Юный эрудит» — Александр Пчелкин (Дьокуускай 7 №-дээх оскуолата).
«Творческая личность» — “Колибри” педагогическай этэрээт актыбыыһа Даша Савельева (Жатай 1 №-дээх оскуолата).
“Носитель народной культуры” – «Teen» saktive» уопсастыбаннай тэрилтэ лидерэ Екатерина Алексеева (Г.И.Чиряев аат. Бүлүү 1 №-дээх орто оскуолата).
«Юный доброволец» – «Ылдьаа ыччаттара» уопсастыбаннай тэрилтэ актыбыыһа Настя Петрова (Хатын-Арыы, Нам).
Форумҥа “Десятилетие детства” былаанынан «Дьиэ кэргэн», “Чөл олох”, “Үөрэҕирии”, “Личность быһыытынан сайдыы”, “Оҕо сынньалаҥа уонна туризм”, “Информационная безопасность”, “Харыстабыл”, “Быраап уонна эппиэтинэс”, “Утумнааһын уонна духуобунай, сиэр-майгы үгэһэ” секцияларга элбэх боппуруоһу ырыттылар. Бу туһунан “Юный горожанин” оҕо хамсааһынын лидердэрэ Ирина Шевцова, Анастасия Винокурова, Александр Тордуин, Константин Охлопков отчуоттаатылар.
Форум үлэтигэр СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров, СӨ ыччат уонна социальнай коммуникация миниистирэ Степан Саргыдаев, инновация, цифровой сайдыы и инфокоммуникационнай технология миниистирин солбуйааччы Николай Гришаев, СӨ Общественнай палататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Валентина Кириллина, РФ юстиция министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетын, СӨ физкультура уонна спорт министиэристибэтин, СӨ Урбаан уонна туризм министиэристибэтин, уонна, биллэн турар, СӨ үөрэх уонна наука министиэристибэтин испэсэлиистэрэ көхтөөх кыттыыны ылан, оҕолорго сүбэ-ама биэрдилэр, эҕэрдэлээтилэр, бэлэхтэрин, наҕараадаларын туттардылар.
Россиятааҕы оҕо хамсааһынын Саха сиринээҕи салаата 2016 сыллаахтан тэриллэн, координатор Ньургуйаана Макарова салалтатынан сылтан сыл ахсын бэйэтин кэккэтигэр сүүһүнэн оҕону хабан, үлэтэ кэҥээн иһэр.
Чахчы да, маннык уоттаах-төлөннөөх, элбэх саҥа идиэйэлээх, умайа сылдьар харахтаах ыччаттар баар буоллахтарына эрэ биһиги дойдубут сайдыа-үүнүө, инники кэскиллээх буолуо!
Ааптар: Таисия Алексеева