Оҕо хаһыатын суруналыыстара биһиэхэ үгүстүк суруйар, бэчээттэнэр, куонкурустарбытыгар, биктэриинэлэрбитигэр көхтөөхтүк кыттар, кыайар оҕолорбутун эндэппэккэ билээччибит. Бүгүн Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи оскуолатыгар XI кылааска үөрэнэр эдкорбутун Антон Оконешниковы билиһиннэрэбит.
2017 сыл күһүнэ. «Задай вопрос Первому Президенту» диэн СӨ Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 80 сааһыгар аналлаах куонкуруһу биллэрэн, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кыттыбыт үөрэнээччилэри долгуйа күүтэрим. Арай биир бастакынан Кэбээйиттэн сурах кэллэ: “Антон Оконешников куоракка кэлбит” диэн. Куонкуруһу толкуйдаабыт уонна маныаха эппиэттээх буоларым быһыытынан, оҕолорум ааттарын балачча өйдөөн хаалбыппын. Ол курдук, Кэбээйиттэн хас да оҕо ыйытыыта баарыттан, Антон аатын өйдөөн хаалбытым. Суол хаайтарыгын кэмэ да буоллар, оҕолор кэлэ сатаабыттар этэ. Бу мин өйбөр-сүрэхпэр иҥэн хаалбыт чаҕылхай, ол эрээри, долгуйбут аҕай, онтон бүппүтүн кэнниттэн үөрэ ахтар, итиэннэ киэн туттар тэрээһиннэрбиттэн биирдэстэрэ буолбута диэтэхпинэ, омуна суох.
Бастакы Президени көрсүбүтүм
— “Задай вопрос Первому Президенту” куонкуруска биһиги постан сэттиэ буолан кыттыбыппыт. Дьокуускайга түмүктүүр түһүмэххэ XI кылаас үөрэнээччитэ Алеша Эверстов уонна мин ыҥырыллан сылдьыбыппыт. Ыйытыыларым: “Эдьигээҥҥэ, хоту дойдуга эн оҕо сааһыҥ ааспыта олоххор туох суолталааҕый?”, “Кэлэр өттүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин – биһигини, хайдах киһи салайыахтааҕый?”, диэн этилэр. Саамай өйдөөн хаалбытым биллэн турар, СӨ Бастакы Президенин кытары көрсүһүү этэ. Тэрээһин “Россия – Моя история” мультимедийнай пааркаҕа буолбута. Араас улуустартан, Дьокуускай куораттан эдэр кэрэспэдьиэннэр элбэхтэр этэ. Михаил Ефимович ийэтин туһунан, футболлуурун, аан бастаан аахпыт кинигэлэрин тустарынан кэпсээнин өйдөөн хаалбыппын.
Оҕо хаһыаттарыгар бэчээттэниим
— «Кэскил» хаһыакка V кылаастан суруйабын. Кэнники сылларга дакылааттарым туһунан суруйбутум тахсыбыта. Табаарыһым Дамир Аргуновтуун “Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ” айымньыга «Булка сыһыаннаах сүбэлэр», Платон Ламутскай “Кулаковскай нэһилиэстибэтиттэн сомсубутум” ахтыытынан, “Сииттэ Колмогоровтарын төрүттэрэ” диэн суруйууларым бэчээттэмиттэрэ. Мин өссө “Юность Севера” хаһыакка бэчээттэммитим. «Байанай», «Эрчим», «Эко-экспресс», «Уолан», «Ааҕымта» рубрикалары сө6үлээн ааҕабын.
Икки постаахпыт
— Оскуолабытыгар икки эдкорпост баар: “Дьоҕур” уонна “Нуклеус” диэн. “Дьоҕур” поһу саха тылын учуутала Мария Егоровна Павлова салайар. “Нуклеус” түмсүү быйыл тэриллибитэ сүүрбэ сыла буолар. Салайааччыбыт химия, экология учуутала Вера Николаевна Заровняева. Түмсүүбүт экологическай ис хоһоонноох араас өрүттээх үлэни ыытар. “Айылҕа уонна биһиги” аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттабыт. Тулалыыр эбэлэрбитин харыстааһыҥҥа элбэх үлэни ыытабыт. Бары чинчийэр үлэлээхпит, ол үлэбитигэр сүбэлэри ылабыт. Сайын “Экос” диэн лааҕырга салгыы дьарыктанабыт. Үлэбит түмүгүнэн араас НПК-ларга кыттабыт. Мин собо хатырыгын чинчийэн, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ситиһиилээхтик кыттыбытым. “Способы использования чешуи карася золотого в условиях сельской местности” дакылааппынан Казань куоракка V Бүтүн Россиятааҕы Н.И. Лобачевскай аатынан НПК-ҕа I миэстэ буолбутум. «Нуклеус» түмсүү иһинэн пост үлэлиир. Ыстатыйаларбыт хаһыакка тиһигин быспакка тахсаллар, “Кэскил”, “Юность Севера” ыытар араас күрэхтэригэр миэстэлэһэбит.
Кумааҕыттан ааҕар ордук
— Кинигэни кумааҕыттан ааҕар ордук. Ааҕаргар тыллар хайдах суруллалларын ордук өйдөөн хаалаҕын. Билиҥҥи кэмҥэ дьон бары гаджеттарынан туһанар. Күннээҕи олохпор гаджеттан наушнигын туһанабын. Кумааҕы хаһыат үгүс сылларга уура сылдьан, көрө сылдьарга наада дии саныыбын. Биир дойдулааҕым Тимофей Сметанин айымньыларын, А.Пушкин, М.Шолохов айымньыларын сөбүлээн ааҕабын. “Уолан” диэн түмсүүбүтүнэн араас ааҕыыларга ситиһиилээхтик кыттабыт. Салайааччыбыт А.П. Терехова. Үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларынан хоһоон ааҕыыларыгар кыттабыт. Буойун суруйааччы Тимофей Егорович Сметанин үбүлүөйүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи улахан тэрээһиҥҥэ кыттыбыппыт.
Бэйэм туспунан
— Мин Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. Ийэм Елена Васильевна Кэбээйи, аҕам Анатолий Семенович Чурапчы. Бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт: бырааттарым Максим VIII, Ярослав VII кылааска үөрэнэллэр. Сайынын Чурапчыга баран оттуубут. Кырабыттан “Робототехниканан” сөбүлээн дьарыктанабын, күрэхтэһиилэргэ кыттабын. “Кэрэ эйгэ” оскуолатын үҥкүү кылааһын бүтэрбитим. Эһэм Василий Степанович өрүс флотун бэтэрээнэ, бочуоттаах үлэһитэ. Лена өрүскэ капитанынан үлэлиир, онон миигин техника, технология хайысхалара интэриэһиргэтэр. Үөрэхпэр туйгуммун. Дьиэтээҕи үлэни бэриллибит кэмигэр толоробун. Инникитин техническэй үөрэххэ туттарсабын.
Антон Оконешников 2021 с. Ил Дархан Харыйатын кыттыылааҕа, хаартыскаҕа «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Семенова аттыгар турар.
ххх
Биһиги бастыҥ эдкорбут ити курдук баай эйгэлээх, интэриэстээх эбит. Антоҥҥа инникитин да туйгун үөрэҕи, ситиһиилэри, талбыт сөбүлүүр үөрэҕэр хайаан да киирэригэр баҕарабыт.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА кэпсэттэ.