«Чуораанчык алта дьарыга» методическай сүбэлэр «Оҕо-төрөппүт-иитээччи-учуутал», «Оҕо-дьиэ кэргэн-оҕо саада-оскуола» хайысхаларынан ситимнээх үлэни олохтуурга иитээччи, учуутал бүгүҥҥү күҥҥэ туттар биир сүрүн үнүстүрүмүөнэ буолар.
Чурапчы улууһун Уһун Күөл нэһилиэгин «Сулусчаан» оҕону сайыннарар киин уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Чуораанчык алта дьарыга -3» методическай сүбэлэри бэчээттээн таһаардылар. Ол чэрчитинэн, бэс ыйын 27 күнүгэр Чурапчы улууһун XIX педагогическай дьаарбаҥка түһүлгэтигэр ааптардар көрсүһэн сүрэхтээтилэр. «Кэскил» хаһыат уонна «Чуораанчык»сурунаал кылаабынай редактора Сардаана Анатольевна Матвеева методичкаҕа киирбит ааптардарга туоһу суругу туттарда. Өр кэмҥэ иитэ сылдьыбыт санааларын сирэй көрсөн, ирэ-хоро кэпсэттилэр, салгыы үлэ ситимнээхтик барарын торумнаатылар.
Бу методическай сүбэҕэ киирбит тиэмэлэр практическай сорудахтара «Чуораанчык» оҕо сурунаалыгар бэчээттэниэхтэрэ.
Оҕо сатабылын, толкуйдуур, саҥарар, кэпсэтэр, айар-тутар дьоҕурун сайыннарарга, оҕо кыра сааһыттан саха киһитин тирэх өйдөбүллэрин иҥэринэ, сиэрдээх майгылаах, киһи киһитэ буола улаатарыгар көмөлөөх, туһалаах буолуоҕа.