Оҕо нэһилиэнньэ саамай көмүскэлэ суох араҥата буолар. Ол иһин биһиги судаарыстыбабытыгар оҕо быраабын көмүскүүр тэрилтэлээхпит. Ол – Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо быраабар боломуочуйалаах аппараата буолар. Бүгүн биһиги сүрүннүүр референт Нюргуяна Алкивиадовна ИВАНОВАНЫ кытта кэпсэтиибитин бэчээттиибит.
– Нюргуяна Алкивиадовна, тэрилтэҕит сүрүн үлэтэ тугуй?
– Биһиги тэрилтэбит 2003 с. өрөспүүбүлүкэбит Президенэ В.А. Штыров Ыйааҕынан тэриллибитэ. Үлэбит хайысхалара: оҕо быраабын кэһиини күөмчүлээһини туоратыы уонна көмүскэл буолуу. Ол аата биһиги судаарыстыба оҕо быраабын көмүскүүргэ бэйэтигэр ылыммыт эбээһинэһин хайдах толорорун кэтиибит уонна ону туруулаһабыт.
– Ордук ханнык боппуруоһунан кэлэллэрий?
– Дьиэ, олорор сир тиэмэтигэр элбэх туруорсуу баар. Саас диэкинэн оҕолоро оскуолаҕа киирэригэр миэстэҕэ тиксибэтэхтэр кэлэллэр. Уопсайынан, 2016 сылга 237 сайабылыанньа киирбитэ. Хас биирдии суругу хайаан да бэрэбиэркэҕэ ыытабыт. Сорох түгэн дакаастабыла суох буолан тахсааччы.
– Бэл диэтэххэ, “пропискалаах” оҕо миэстэттэн матара да баар суол дии.
– Сайдыылаах куораттарга, Москваны да ылан көр, элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллар буоллаҕына, бырайыага хайаан да оскуолалаах уонна биэбэйиктээх буолар. Тоҕо биһиэхэ оннук табыллыбатый? Билигин паарка утарыта тыһыынчанан кыбартыыралаах дьиэлэр тутулуннулар. Ол оҕолоро ханна үөрэнэллэр? Былдьаһыктаах 17-с оскуола тула эмиэ 9-туу мэндиэмэннээх дьиэлэр дьэндэһэн тахсаннар, ити оскуолаҕа киирээри, эмиэ “сэрии” бөҕө буолар. Аны Айыы Кыһатын 203 кыбаарталга тутуллуо дииллэр. Ол эрээри бу кыбаарталга нууччалыы тыллаах оҕолор эмиэ олороллор. Олор ханна бараллар? Онон итинник кыһалҕа куорат салалтатын сыыһатыттан тахсан, дьон, чуолаан оҕолор, эрэйдэнэллэр.
– Сокуонунан оҕо хааман тиийэр сиригэр үөрэниэхтээх…
– Оннук. Оҕо куттаммакка, үөрэнэр сиригэр тиийиэхтээх. Ыраах айаннаатаҕына, хас эмэ суолу туоруон наада, араас дьоҥҥо да түбэһиэн сөп. Аны “социум” диэн баар. Биһиги урут элбэх мэндиэмэннээх дьиэҕэ олордорбут да, олбуорга тахсан оонньуурбут, доҕоттордоох буоларбыт. Билигин биир кылаас оҕолоро бары куорат атын-атын сиригэр олороллор.
Биир ийэ оҕотун, оскуолаттан чугас олорор эрээри, таҥаһын да уларыттыбакка, аһаабакка да, наар оонньоон, дьиэтигэр хойутаан кэлэрин мөхпүт. Ону оҕото: “Оттон мин дьиэбэр кэлиэхпэр диэри доҕотторум бары тарҕаһан хаалыахтара дии”, – диэбит. Ити эмиэ кыһалҕа. Ыраах олорор оҕолор кыайан түмсүбэттэр, доҕордоспоттор, “олбуордааҕы социум” диэннэрэ суох улааталлар.
– Билигин оскуолаттан туох үҥсүү баарый?
– Кэнники кэмҥэ оскуола оҕолоро охсуһаллара, аахсаллара элбээтэ. Оҕолор иирсээннэригэр учууталлар, төрөппүттэр кыттыһан, дириҥээн хаалар. Ватсап куһаҕан өҥөнү оҥорор. Тус бэйэлэрин дьыалаларын төрөппүттэр кылаас ватсап-бөлөҕөр суруйаллар. Онтон этиһии, үөхсүү тахсар. Ыар, куһаҕан тыллары, бэл, кырыыска тиийэ суруйаллар. Онон икки өттүлэрин ыҥыран быһаарсабыт.
– Учууталлары үҥсэллэр дуо?
– Ити оҕолор охсуһаллар диэтибит дии. Оскуолаҕа итинник быһыы таҕыстаҕына, буруйдаахтар учууталлар буолаллар. Кинилэр охсуһууга тиэрдибэккэ, иирсээни быһаарыахтаахтар, оҕо куттала суох буолуутун (безопасность) хааччыйыахтаахтар. Оскуолаҕа туох буоларыгар барытыгар учуутал эппиэттиир эбээһинэстээх.
– Билигин информация үйэтигэр оҕо Интернет, араас сайт нөҥүө куһаҕаҥҥа сутуллуон сөп.
– Сотору Ил Түмэҥҥэ “Информационная безопасность” тиэмэлээх Төгүрүк остуол буолуохтаах. 436 №-дээх Федеральнай Сокуонунан оҕо доруобуйатыгар, сайдыытыгар буортуну оҥорор информацияттан көмүскэллээх буолуохтаах. Холобур, экстремизмҥэ ыҥырыыттан, +18 бэлиэлээх кинигэттэн, киинэттэн, о.д.а.
– Төрөппүт онно эмиэ эппиэтинэстээх буолуохтаах буоллаҕа…
– Оннук. Холобур, төлөпүөн симкатын төрөппүт бэйэтин аатыгар оҕоҕо ылан биэрэр. Онон суотабай операторга тиийэн, оҕото Интернеккэ ханнык сайтка киирбитин бэрэбиэркэлиир кыахтаах. Ол эрээри оннук ким да хонтуруоллаабат. “ВКонтакте” оҕолор кими кытта кэпсэтэллэрин билбэттэр даҕаны. Ханнык баҕарар куһаҕан санаалаах улахан киһи оҕо буолан кубулунан кэпсэтиэн сөп. Төрөппүт оҕо сэрэхтээх буоларыгар үөрэтиэхтээх. Оҕо сороҕор киһиргээн, дьонун дьиэтин, массыынатын, малын-салын хаартыскатын барытын Интернеккэ киллэрэн көрдөрүөн, аадырыһын ыйыан, “уоппускаҕа бардыбыт” эҥин диэн суруйуон сөп. Ону уоруйахтар эмиэ ааҕаллар эбээт. Нолуок хомуйар уорганнар ону эмиэ туһаналлар дииллэр.
– Оҕо эмтэниитин туһунан туруорсаллар дуо?
– Бу түгэҥҥэ, биллэн турар, туһааннаах тэрилтэҕэ сурук суруйабыт. Биһиги сурукпутугар эппиэти икки нэдиэлэнэн ыытыахтаахтар. Эмтэнэ барар ыарыһах оҕолорго хас биирдии күн күндү буоларынан, биһиги суһаллык көмөлөһө сатыыбыт. Оттон көннөрү сурукка эппиэти биир ыйынан эрэ биэрэллэр.
– Оҕо олоҕор дьиэ кэргэн оруола, сабыдыала, иитиитэ саамай улахан.
– Төрөппүт оҕотун кытта элбэхтэ кэпсэтиэхтээх. Билигин эдэр төрөппүттэр төлөпүөннэрин тутан баран сылдьаллар, оҕолорун кытта кэпсэппэттэр. Оҕо ханнык түгэҥҥэ тугу гыныахтааҕын быһаарыахтаахтар. Туох барыта дьиэ кэргэнтэн тахсар. Оҕо кыһалҕаланна да, онно бары сыһыаннаахтар, барыта дьайар – дьиэ кэргэнэ, оскуолата, доҕотторо, доруобуйата, уйулҕатын туруга.
– Оҕолор урут уонна билигин төһө эһиэхэ суруйалларый, төлөпүөннүүллэрий?
– 2003-2008 сс. ордук көхтөөхтүк суруйаллара. Ол эрээри оччотооҕу оҕолор киэннэрэ боростуой, ыарахана суох боппуруостар этэ. Холобур, аҕата дискотекаҕа ыыппатах эҥин. Билигин үҥсүү буолбакка, көннөрү консультация, ыйытыы быһыытынан эрэ киирэр буолла. Ордук оскуолаларга көрсүһүүгэ сылдьыбытым кэнниттэн элбэх киирээччи. Биһиги оскуолаларга үгүстүк сылдьабыт, оҕолору, учууталлары, төрөппүттэри кытта кэпсэтэбит, сүбэ- ама биэрэбит. Билигин, эппитим курдук, охсуһуу элбээтэ, ол аата оҕо тулуйумтуота суох буолан иһэр, сатаан кэпсэппэт, тыл тылыгар киирсибэт. Саастарын ситэ иликтэр бэйэлэригэр тиийиниилэрэ, кыргыттар хат буолуулара, улахан киһи оҕоҕо кырыктаах сыһыана – бу билигин да, хомойуох иһин, баар көстүүлэр.
– Тыа уонна куорат оҕолорун боппуруостара уратылаах дуо?
– Уратыта суох. Арай тыа оҕолоро көрсүһүүгэ: “Дьонум наһаа үлэлэтэллэр”, – диэн үҥсээччилэр. Ону этэбин ээ: “Эһиги дьоллоох оҕолоргут, үлэлээҥҥит-хамсааҥҥыт эккитин-хааҥҥытын эрчийэр буоллаххыт”, – диэн. Уопсайынан, оҕо төһөнөн солото суох, араас куруһуокка сылдьар, спордунан дьарыктанар, дьонун кытта үлэлиир, оччонон куһаҕан дьаллыкка умньаммат, чөл туруктаах киһи буола улаатар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Оҕо быраабар
боломуочуйалаах аппараатын аадырыһа:
Дьокуускай к., Курашов уул. 24-дэ, 505-с кэбиниэт.
Төлөпүөнэ: 400-187.
Эл.почта: deti@adm.sakha.gov.ru
Итэҕэйэн эрийии төлөпүөнэ: 8-800-200-01-22
“Ребенок в опасности” төлөпүөнэ: 123.
Таисия АЛЕКСЕЕВА.