Бу күннэргэ «Кэскил» медиа оскуола юнкордара Хадаар орто оскуолатын дириэктэрин Петр Петрович Тарасовы кытта көрсөн кэпсэттибит https://vk.com/wall-199463452_18502
Пётр Пётрович Тарасов 1984 с. Хадаарга төрөөбүтэ. 2001 с. оскуоланы бүтэрбитэ. Үөрэҕин кэнниттэн 2006 с. Хадаар орто оскуолатыгар үлэлии кэлбитэ. Оскуола дириэктэринэн 2023 с. үлэлиир. Кэргэннээх, икки оҕолоох. Улахан кыыһа II кылаас үөрэнээччитэ, кыра уола оҕо саадын иитиллээччитэ.
– Петр Петрович, учуутал идэтин туох санаалаах баһылаабыккытый?
– Учуутал идэтин баһылыырга уһуннук толкуйдаан кэлбитим. Оскуолам кэнниттэн Саха госуниверситетыгар математика салаатыгар киирбитим. Биир сыл үөрэнэн баран, бу чопчу миэнэ буолбатах диэн түмүккэ кэлбитим. Онон университеттан ЯПК-1 үөрэх кыһатыгар омук тылын учууталыгар үөрэнэ киирбитим.
– Эн санааҕар, оскуоланы салайарга саамай туох сүрүн ирдэбил баарый?
– Ирдэбил сүрдээх элбэх. Биир эрэ ирдэбил турар буолбатах. Оскуоланы салайарга сүрдээх элбэх үлэһити, оҕолору кытта алтаһабыт. Элбэх үлэ былааннанар. Оскуоланы салайарга чопчу биир эрэ ирдэбил баар диэн кыайан эппэккин. Сүрүннэрин туһунан этиэҕим. Оскуоланы салайарга сүрүн ирдэбилинэн, бастатан туран, эппиэтинэс. Тоҕо диэтэххэ, биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэр иннилэригэр эппиэтинэһи сүгэбит, кинилэр хайдах дьон буолалларыгар эмиэ эппиэтинэстээхпит. Онон сирдэтэн учууталларга, төрөппүттэргэ ирдэбиллээхтик сыһыаннаһыахтаахпыт. Оскуолабыт үлэтиттэн-хамнаһыттан оҕо тэрилтэтин быһыытынан сүрдээх улахан эппиэтинэһи сүгэбит. Дьон иннигэр, оҕолор иннилэригэр эппиэтинэс оскуоланы салайарга сүрүн ирдэбил дии саныыбын.
– Биһиги оскуолабытыгар хас оҕо үөрэнэрий?
– Күн бүгүн 101 оҕо үөрэнэр, мантан 51 уол, 50 кыыс. Оҕо ахсаанын туһунан этэр буоллахха, Хадаар оскуолата тыа сирин элбэх оҕолоох оскуолаларын ахсааннарыгар киирсэр. Тоҕо диэтэххэ, күн бүгүн оҕо ахсаана көҕөрүү турар, дьон киин сирдэргэ көһөн бараллар. Ити өттүгэр биһиги көрдөрүүбүт үчүгэй. Онтон урукку кэми кытта тэҥнээн көрдөххө, биллэн туран, аҕыйах. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр, мас оскуолаҕа, 160-170 оҕо үөрэнэрэ.
– Сүрүн кыһалҕабыт тугуй?
– Кыһалҕа диэн аахтахха сүрдээх элбэх. Кыһалҕа диэн этэр сыыһа соҕус буолуо, онон кыайтарбат боппуруостар диэххэ. Билигин үөрэнэ олорор таас оскуолабыт 2010 сыллаахха олоххо киирбитэ. Бу кэм устата капитальнай өрөмүөн барбакка турар. Кыра-кыралаан эрэ өрөмүөн үлэлэрэ ыыталлаллар. Ол иһин капитальнай өрөмүөнү туруорсабыт. Биир санааҕа кэлэн үлэлээтэхпинэ, ити кыаллыа дии саныыбын.
– Петр Петрович, үөрэх хаачыстыбатын хайдах сыаналыыгыт?
– Үөрэх хаачыстыбата хайдах даҕаны биир эрэ сыананан быһыллыбат дии саныыбын. Дьыл, бириэмэ хаамыытынан араас буолуон сөп. Онуоха араас фактордар дьайыхтарын сөп. Биһиги оскуолабытыгар үөрэх хаачыстыбатын көрдөрүүтэ былырыыҥҥы сылтан түһэн турар, ол эрэн хаачыстыбаны үрдэтиигэ биһиги учууталларбыт бары кыһаллан туран үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ балааннаммыт үлэлэр бара тураллар. Онон түмүк баар буолуо дии саныыбын.
– Учебнигынан хааччыллыыбыт хайдаҕый? Бу үлэ хайдах оҥоһулларый? Онно төһө үп-харчы көрүллэрий?
– Чопчу бу бачча солкуобай көрүллэр диэн этэр кыаҕым суох. Бары билэрбит курдук, быйылгы сылтан I кылаастартан XI кылаастарга диэри учебниктарбыт 100 бырыһыан уларыйаллар. Эрдэтээҥҥи сылларга ити боппуруос сытыытык турбатах эбит буоллаҕына, билигин саҥардыллыбыт ФГОС-ка олоҕуран, 100 бырыһыан уларыйаллара былааннанар. Бу үлэ хайдах быһыылаахтык барыахтааҕа былааннанан турар. 2026 с. диэри 100 быраһыан саҥа учебниктарынан үөрэниэхтээхпит. 2023-2024 үөрэх дьыла бүттэҕинэ, 2024-2025 үөрэх дьылыгар сүрүн предметтэргэ учебниктарбыт уларыйаллар.
Үбүлээһин туһунан этэр буоллахха, 0363 ыстатыйанан дуогабар түһэрсэммит, учебниктары аҕалтарабыт. Ол аата кинигэ аҕалар тэрилтэлэри кытта дуогабардаһан атыылаһабыт. Эрдэтээҥҥи сылларга оскуолаҕа оҕолору үөрэтэргэ усулуобуйаны тупсарыы ыстатыйанан компьютер, ноутбук эбии үөрэхтээһиҥҥэ проектор, принтер ылар эбит буоллахпытына, билигин ол харчыбыт учебниктары саҥардыыга барар.
– Петр Петрович, биһиги оскуолабыт сахалыы тыллаах хаһыаттарга, сурунаалларга сурутуулаах дуо?
– Биһиги оскуолабыт сахалыы тыллаах оскуола. Оҕолорбут сахалыы саҥараллар. Уруоктарбыт икки государственнай тылынан нууччалыы уонна сахалыы ыытыллаллар. Төрөөбүт тылбытын илдьэ сылдьар, оҕолорбутугар тиэрдэр, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар сыалтан сахалыы тыллаах «Кэскил», «Саҥа олох» хаһыаттарга, «Чуораанчык» сурунаалга сурутуулаахпыт. Онон оҕолор библиотекаҕа сахалыы хаһыаттары, сурунааллары толору ааҕыаххытын сөп.
– Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыла. Манан сибээстээн ыйытыахпытын баҕарабыт, Эн санааҕар, оскуола дьиэ кэргэни кытта хайдах үлэлиэхтээҕий?
– 2024 сылга дойду Президенэ, Сахабыт сирин Ил Дархана сүрдээх элбэх соруктары туруоран тураллар. Оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт үлэ былааннарын толору таһааран олорор. Дьиэ кэргэн уонна оскуола сыһыана олох ыкса буолуохтаах. Оҕо, дьиэ кэргэн, төрөппүт бииргэ үлэлээтэҕинэ, биһиги оҕолорбут үөрэх, иитии, үлэ өттүнэн – барытыгар сайдыылаах уонна олоҕу киэҥник көрөр-истэр буолуохтааххыт. Аныгы тэтимнээх олоххо нууччалыы эттэххэ, конкурентноспобнай, өй-санаа, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах оҕолору иитэн таһаарыахтаахпыт.
– Петр Петрович, нэһилиэк сайдыытыгар оскуола оруолун туһунан санааҕытын үллэстиэххит дуо?
– Чуолаан тыа сиригэр этэр буоллахпытына, оскуола нэһилиэк сайдыытыгар улахан оруоллаах. Тоҕо диэтэххэ, оскуола баар буоллаҕына, оҕо баар, оскуола баар буоллаҕына үлэ баар, үлэ баар буоллаҕына нэһилиэнньэ баар, нэһилиэнньэ баар буоллаҕына дьон-сэргэ үлэлээх буолар. Дьоммут-сэргэбит, оҕолорбут этэҥҥэ сылдьалларыгар дьиэ кэргэннэригэр баай-талым, үлэ баар буолара оскуола сүҥкэн улахан оруоллаах дии саныыбын. Сахалыы боростуойдук эттэххэ, оскуола диэн дэриэбинэ саамай киин, улахан, элбэх киһи сылдьар тэрилтэтэ буолар. Онон оскуола баар буоллаҕына, сайдыы баар.
– Петр Петрович, бүгүн биһигини кытта кэпсэппиккитигэр махтанабыт. Хаһан да санааҕыт түспэккэ, үлэҕит таһаарыылаах буоллун!
– Эһиэхэ эмиэ улахан махтал!
***
Бу кэпсэтии түмүгүнэн, миэхэ туох санаалар үөскээбиттэрин туһунан санаабын атастаһыахпын баҕарабын.
Нэһилиэк сайдыытыгар оҕо, ыччат сүҥкэн оруолу оонньуур дии саныыбын. Билигин бары билэрбит курдук, ыччат тыа сиригэр тохтуу сатаабат. Тоҕо? Тыа сиригэр үлэ миэстэтэ суох. Ол иһин үлэ баар буоларын гына, мин санаабар, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыахха наада. Сүөһү, сылгы ахсаанын элбэтиигэ үлэ күүскэ барыан наада буолбут. Билигин тыа сиригэр дьон сүөһүтүн эһэр буолбута куһаҕан. Тыа сиригэр эдэр исписэлиистэр наадалар. Эдэр ыччат тыа сиригэр талаһарын курдук гына дьиэ-уот, үрдүк хамнас наада. Эдэр ыччат тыа сиригэр кэлэн олохсуйдаҕына, оҕо саадыгар, оскуолаҕа оҕо ахсаана элбиир кыахтаах. Оҕо баар буоллаҕына, оскуола баар, тыа сирэ сарсыҥҥылаах.
Интервьюну ылла Иванна НИКОЛАЕВА, VIII кылаас
Суруйда Алена КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас, Хадаар, Чурапчы