Муус устарга оҕо тыынын эрчийиигэ ыйдааҕы алгыһы үөрэтиэххэ сөп. Алгыһы иллэҥ кэмҥэ бүөмнээн ааҕар ордук. Анал тэтэрээккэ сурунан, бэйэтэ дьарыктана үөрэниитэ быдан үчүгэй.
Муус устар – Айыыһыт
Муус устар сааскы ый. Сааскы иккис ый. Күммүт чаҕылыйда.Сып-сырдык буолла. Кыратык сылыйда. Тулам кэрэтийдэ. Онон маннык алгыыбын.
Дьээ-буо!
Муус устар буолла.
Сырдыкпыт улаатта.
Хаарбыт уулунна.
Чалбах таҕыста,
Харалдьык көһүннэ.
Айыыһыт кэлэн
Кэрэ көстүү элбээтэ.
Ыал аайы оҕо-аймах
Үөрүүтэ үксээтэ.
Сахалыы саҥардым —
Ийэ тылбын
Иһиттим.
Сахалыы саҥардым —
Ийэ өйбүн
Арыйдым.
Дом.
Ааптар: Анатолий Павлов — Дабыл
Уруһуйу толордо: Алеся Луковцева