Муус устар 18 кунугэр Ф.И.Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһыгар Иванов Эдуард Капитонович туруоруутунан «Кулунчук» студия уонна 2 нүөмэрдээх национальнай политехническай орто оскуола IV «В» кылааһын кытары тэҥҥэ үлэлэһэн Тимофей Егорович Сметанин «Күөрэгэй» остуоруйатынан испиктээк туруордулар.
Кыттааччылар кыра кылаас оҕолоро диэтэххэ ис дууһаларыттан оруолларыгар киирэн туран сүрдээх үчүгэйдик оонньоотулар. Хас биирдии испиктээк күүстээх бэлэмнэнииттэн турар, оҕолор кырдьык кыһаллыбыттара көстөр.
Испиктээк бүппүтүн кэнниттэн, сүрүн оруолу толорбут оҕолор санааларын үллэһиннилэр:
Вилена Ермолаева: «Мин Күөрэгэй оруолун толордум. Сыанаҕа тахсар олус долгутуулаах этэ, оҕолору кытары ыйы быһа бэлэмнэннибит. Бүгүҥҥү испиктээк олус үчүгэйдик ааста, ыйы быһа бэлэмнэммит үлэбин ситэрдим. Махтаныам этэ испэктээккэ кэлбит дьоҥҥо, кылааһым оҕолоругар, өрүү маннык биһигини өйүү сылдьыҥ!»
Артем Дигесов: «Мин Күөрэгэй аҕатын оруолун толордум. Сыанаҕа тахсарбыттан күүскэ долгуйар этим, ол да буоллар сыанаҕа тахсыбыппар долгуйуум сүппүтэ. Махталбын тиэрдэбин салайааччыбар, миэхэ күүс-көмө буолбуккар. Баҕарыам этэ саастыылаахтарбар, бу маннык курдук куттаммакка, сыанаҕа тахсан оонньуургутугар!»
Бу испэктээги, кинилэр үҥкүүлэрин, хамсааныыларын, испэктээги туруорбут Эдуард Капитонович Ивановтан интервью ыллыбыт:
Эдуард Капитонович Иванов: «Оҕо сахалыы иитиилээх буоларын наадатын туһугар үлэ бара турар, бу маннык оҕо испэктээккэ кыттыыны ылара ол онтон биирдэстэрэ буолар. Оҕолор бу бастакы улахан кыттыылара буолар, ол эрэн бэйэлэрэ эмиэ эрдэ маннык сыанаҕа кыттыыны ылааччылара, уопуттара суох диир сыыһа буолуо. Оҕо сыанаҕа оонньууругар ис дууһатынан оонньуур, ол иһин дьоҥҥо-сэргэҕэ ордук көстүүлээх уонна интириэһинэй буолар. Бүгүҥҥү маннык улахан испиктээккэ бастыкытын холонон көрөллөр диэтэххэ олус үчүгэйдик оонньоотулар. Мин үлэм сыала оҕолорго ис сүрэҕинэн, өйүнэн, кыаҕынан, долгуйан туран кыһаллан оруолларыгар киллэрээһин. Инникитин бу маннык түгэн бэйэлэригэр улахан история буолуоҕа. Оҕолор хас кыттыыларын аайы таһымнара үрдүөҕэ!».
Бүгүн испиктээккэ кыттыыны ылбыт оҕолор сыананы баһылаан, санааларын үллэстэн, дьон кутун-сүрүн көтөҕөн, махталларын тиэрдэн, үөрэн-көтөн бардылар. Инникитин өрүү маннык испиктээккэ кыттыыны ыла, үүнэ-сайда турдуннар!
Екатерина АЛЕКСЕЕВА,
ХИНТуоКҮ ЛТ-21 бөлөх III кууруһун устудьуона
Виктория ИВАНОВА хаартыскаҕа түһэриилэрэ