«Ааҕар Саха сирэ» көҥүл түмсүү, Олоҥхо тыйаатыра, Олоҥхо Ассоциацията, «Кэскил» оҕо хаһыата тэрийбит оҕоҕо аналлаах сахалыы уус-уран кэпсээн күрэҕэ түмүктэннэ. Саха сирин араас улуустарыттан, куораттарыттан 50-ча үлэ киирбититтэн дьүүллүүр сүбэ 32 айымньыны сыаналаан, 6 бастыҥ айымньыны талла.
Омуннаах (фэнтези) кэпсээн:
1 чыпчаал – “Халлаан уола” Римма Корякина–Хотууна, Чурапчы.
2 чыпчаал – “Чээлэй дойду кистэлэҥэ” Бурцева Антонина Романовна–Далаһа, Уус Алдан.
3 чыпчаал – “Аптаах тымырдаайы” Светлана Егорова–Тулуйхаана, Дьокуускай.
Мүччүргэннээх кэпсээн:
1 чыпчаал – “Иккиэйэҕин халыҥ тайҕаҕа” Константин Эверстов, Дьокуускай.
2 чыпчаал – “Ыһыах сүүрүкчүтэ” Уйбаан Александров, Дьокуускай.
3 чыпчаал – “Эмиилчик” Егор Никифоров–Басхаай, Бүлүү.
Бу ааттаммыт айымньылар, ону таһынан дьүүллүүр сүбэ биһирээбит айымньылара «Кыым», «Саха сирэ» хаһыаттарга, «Чолбон», «Күрүлгэн» сурунаалларга бэчээттэниэхтэрэ. Туоһу суруктары ааптардар электроннай аадырыстарыгар ыытыахпыт.
Күрэххэ саҥа суруйан эрэр ааптардар, идэтийбит суруйааччылар кытыннылар. Ол иһигэр оҕолортон 20-чэ араас кээмэйдээх уонна таһымнаах үлэлэри туттубут. Оҕолор айымньыларын талан «Кэскил» хаһыакка уонна «Бэлэм буол» сурунаалга бэчээттиэхпит.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральный университет, гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын, «Айар» кинигэ кыһатын үлэһиттэрэ кытыннылар. Балаһыанньаҕа бигэргэммитинэн, кыттааччылар ааттара дьүүллүүр сүбэҕэ түмүк тахсыбытын кэннэ биллэрилиннэ.
Күрэхпитин жанрынан арааран чопчулаабыппыт үтүө түмүктээх буолла диэн тэрийээччилэр сыаналаатыбыт. Аныгы оҕо-ыччат ааҕыан сөптөөх сэргэх, сонун сюжеттаах сахалыы уус уран айымньы суруллуон сөп эбит. Ааптардар ордук омуннаах (фэнтези) кэпсээни суруйарга холоннулар. Ол эрэн жанрга сөп түбэспэт айымньылар эмиэ бааллар. Ааптардар фэнтези жанрын остуоруйаны, олоҥхону кытта буккуйар түгэннэрэ баар эбит. Мүччүргэннээх кэпсээни ордук эр дьон сөбүлээн суруйар эбит. Инникитин оҕоҕо аналлаах айымньы тула кэпсэтии, ырытыһыы тэрийэргэ былаанныыбыт.
Күрэхпитин ыытарга көмөлөспүт дьоммутугар, Олоҥхо тыйаатырыгар, Олоҥхо Ассоциациятыгар, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыгар, «Айар» кинигэ кыһатыгар, «Кыым» хаһыакка, бары кыттааччыларга, ааптардарга махталбытын тиэрдэбит!
keskil14.ru