Халлаан сылыйан Сунтаар улууһун Устье нэһилиэгэр «Тещин язык» диэн сынньанар комплекс үлэтин саҕалаата. Турбаза салайааччыта Ващенко Виктор Николаевич. Сынньанар сир Устье бөһүөлэгин кэрэ айылҕалаах миэстэтигэр турар.Манна араас сиртэн кэлэн оҕо-аймах сынньанан барар.
Турбазаҕа оҕо сынньанарыгар, оонньууругарараас былаһааккалар бааллар. Ол курдук сыыртан түһүү, буранынан хатааһылааһын, хайыһар, карусель уонна хаҥкыылыыр сирдэр бааллар.
Оҕолор ордук хаҥкыылыылларын сөбүлүүллэр. Бу турбаза Сунтаартан чугас турар. Онон оҕолор төһө баҕарар сынньанан кэлэллэр. Бу күннэргэ Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын 7 “в” уонна 7“а” кылаас оҕолоро хаҥкыылаан кэллилэр.Элбэх оҕо кэлэн хаҥкыылаан барар.
Семенова Анисия,
«Дьулуур» медиакиин юнкора,
Сунтаар