Тохсунньу 27-31 күннэригэр Саха сиригэр үөрэх үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньахтара, эпидемиологическай балаһыанньанан сибээстээн, онлайн былаһааккаларга ыытылла турар. Быйылгы мунньах тиэмэтэ «Үөрэх хаачыстыбата: мэтиэдикэ өттүттэн көрүү».
СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньаҕа үс сүрүн хайысханан үлэтин саҕалаата: «Үөрэх сүрүн бырагыраамата үөрэҕи тупсарыы үнүстүрүмүөнүн быһыытынан», «Саҥардыллыбыт бырагыраамалар олоххо киирэллэригэр усулуобуйаны тэрийии», «Үөрэх түмүгэр ирдэбиллэри киллэрии».
Тохсунньу 27 күнүгэр оҕо ааҕыытын тула өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөппүт аһаҕас мунньаҕа ZOOM былаһааккаҕа буолан ааста. Тастан ыытыллыбыт мунньах 500-кэ киһини муста. Кэпсэтиини СӨ төрөппүттэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Семен Иванов иилээн-саҕалаан ыытта.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Семенова айыы үөрэҕин дьөһүөлдьүтэ Анатолий Николаевич Павлов-Дабыл оҥорбут «Бүтүн олох» диэн ааттаммыт 9 түһүмэхтэн турар оҕо үүнэр-сайдар эйгэтин тутулугун билиһиннэрииттэн кэпсэтиини саҕалаата. Оҕо сайдар эйгэтэ туохха олоҕурар эбит?
- Төрүүр-ууһуур олох.
- Айылҕалаах олох.
- Дьарыктаах олох.
- Тэрээһиннээх олох.
- Идэлээх олох.
- Дьиҥнээх (кырдьыктаах) олох.
- Билиилээх олох.
- Туруктаах олох.
- Бүтүн олох.
Оҕо үүнэр-сайдар эйгэтин сөпкө тэрийдэххэ, биһиги чөл өйдөөх-санаалаах, бигэ туруктаах ыччаты иитэн таһаарабыт. Оҕо ааҕар эйгэтэ кинини тулалыыр эйгэтин кытары эмиэ быһаччы сибээстээх. Бастатан туран, ааҕар төрөппүттээх оҕо кинигэни, хаһыаты, сурунаалы ааҕар буолар. Бу манна сиэттэрэн «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата таһаарар сахалыы тылынан тахсар — «Чуораанчык», «Кэскил» уонна бу сылтан хаһыат сыһыарыытынан тахсар «Бэлэм буол» диэн ый түмүгэр биирдэ тахсар сурунаал, маны таһынан нууччалыы тыллаах — «Колокольчик+» уонна «Юность Севера» сурунааллар тула эмиэ сэһэргэһии барда. «Билигин оҕо аахпат буолбатах, оҕо ааҕар, ол гынан баран кини ааҕар ньымата уларыйда. Аныгылыы эттэххэ, «тренд» диэн өйдөбүл киирдэ. Ол аата биһиги оҕолорбут номнуо цифровой «трендэри» баһылаатылар, биһиги ону ситэрбит эрэ хаалла, « — диэн этэр Ольга Семенова.
Манна «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата ыытар айымньылаах үлэтэ туоһу буолар, холобур, оҕо сурунаалларыгар, хаһыатыгар 2019 сыллаахха кулун тутар ыйга — 7400 сурутааччы баар эбит буоллаҕына, 2021 сылга алтынньыга номнуо 27000 сурутааччылаахтар. Ол аата оҕо бэчээтин кыһата аныгы цифровой инструменнары туттан, тэтимнээх олоҕу уонна ыччаты кытары тэҥҥэ хардыылыыр суола тобулар. Маны таһынан, бу күннэргэ «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар тэриллэн үлэлиир медиа устуудьуйаларга аналлаах тастан (онлайн) үөрэх куурустарын бэлэмнии сылдьар. Түмүккэ, Ольга Ивановна оскуола учууталларыгар, уһуйаан иитээччилэригэр, төрөппүттэргэ туһаайан, ханнык баҕарар бырайыагы биһигини кытары тэҥҥэ оҥорсон, олоххо киллэриэххитин сөп диэн бииргэ үлэлэһэргэ ыҥырда.
Кэпсэтиини салгыы Дьокуускай куораттааҕы SMART-библиотека үлэһитэ Елена Шарина ыытта.
Оҕо аахпат буолуутун төрүөтүн кини маннык диэн этэр, билигин оҕо олус элбэх атын информацияны куйаар ситимин нөҥүө ылар буолла, иккиһинэн, төрөппүт аахпат буолуутун чопчулаата, үсүһүнэн, бу билигин үһүс сылыгар барбыт хамсык дьаҥын содула буоларын эмиэ таарыйда. Дьэ, манна куорат библиотекардара тугу сүбэлиир эбиттэрий?
- Оҕо ааҕарыгар интэриэһинэй тиэмэни булуу.
- Оҕону кытары тэҥҥэ ааҕыы.
- Бэйэҕит холобургутунан көрдөрүү. Дьиэҕэ өрүү кинигэ баар буолуутун оҥоруу.
- Интэриэһи үөскэтии. Холобур, төрөппүт ааҕа олорон саамай интэриэһинэй түгэнигэр тохтуур, оччоҕо оҕоҕо салгыы бэйэтэ ааҕарыгар интэриэһи үөскэтэргэ дьулуһуу.
- Хас аахпыт кинигэтин сирэйин иһин оҕону хайҕааһын. Оҕоҕо — мин ааҕабын, ол аата үчүгэйи оҥоробун диэн өйдөбүл иҥиэхтээх.
- Уонна саамай сүрүнэ — ХАҺАН ДАҔАНЫ ОҔОНУ КҮҮСКҮТҮНЭН ААХТАРЫМАҤ. Бу бүтэһик этиини библиотекарь тоһоҕолоон эттэ. Оҕо күүһүнэн ааҕыа суохтаах. Барытын кыраттан саҕалааҥ. Холобур, оҕо динозаврдар тустарынан билиэн баҕарар, оннук кинигэтэ бэлэхтээҥ. Ити курдук оҕо ааҕыыга сыһыана уонна сыстыыта кыраттан саҕаланар.
Елена Шарина SMART-библиотека ыытар үлэтин туһунан кылгастык эмиэ сырдатан ылла. Билигин библиотека иһинэн «Мама в книге» диэн Ийэ сылыгар аналлаах хаартыска бырайыага ыытылла турар. Аан дойду, нуучча, саха литературатыгар суруллубут, айыллыбыт ийэ уобарастарын хаартысканан быыстапката ааҕар саалаҕа көрдөрүүгэ турда.
Кэпсэтиигэ Национальнай библиотекаттан оҕо цифровой ресурсаларын салаатын (ОДЦР) сэбиэдиссэйэ Дария Оконешникова кытынна.
Национальнай библиотека иһинэн «Бары ааҕабыт», «Оҕолор — ааптардар» диэн бырайыактар олоххо киирэн ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Бу бырайыактар истэринэн аһымал аахсыйалар, оҕолорго аналлаах араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Национальнай библиотека өрөспүүбүлүкэ улуустааҕы кииннэммит ааҕар дьиэлэрин кытары ситимнээхтик үлэлиир. Холобур, «Бары ааҕабыт» бырайыак чэрчитинэн ыраах Аллайыаха улууһун киин библиотекатын кытары үтүө үгэһи олохтоон «Библиотечка Николь» диэн бырайыагы былырыыҥҥыттан үлэлэтэллэр. Николь Чокуурдаахха олорор 6 саастаах соҕотох аҕалаах кыысчаан. Хас сылын аайы кыысчаан библиотека үлэһиттэриттэн кинигэлэри тутар буолуоҕа. Бу оҕо кинигэни ааҕарыгар, таптыырыгар,харыстыырыгар туһуламмыт бырайыак буолар. Бырайыак кыыс сааһын ситиитигэр диэри ыытыллара былааннанар.
Үүммүт 2022 сылы үөрэх уонна наука миниистирэ Ирина Любимова үөрэҕирии эйгэтигэр Ааҕыы сылынан биллэрэн турар. СӨ үөрэҕин үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньаҕар миниистир «Оҕоҕо кинигэтэ бэлэхтээ» диэн аахсыйаны көҕүлээтэ. Ол курдук, Ирина Павловна сахалыы тыллаах остуоруйалары уонна Астрид Линдгрен кинигэлэрин Горнай улууһун 8 оҕолоох Татьяна уонна Николай Петровтар дьиэ кэргэттэригэр бэлэх уунна. Кини маннык үтүө аахсыйаны бары общественниктар, дьокутааттар, министиэристибэ үлэһиттэрэ өйүөхтэрэ диэн биллэрдэ.
Мунньахха быһа сибээһинэн Таатта улууһун Ытык Күөл оскуолата, Мэҥэ-Хаҥаластан Павловскай нэһ. уһуйаана, Хаҥалас улууһун Покровскай 1 №-дээх оскуолата, Дьокуускай куораттан 16 №-дээх уонна 27№-дээх оскуола библиотекарьдара уо.д.а. бэйэлэрин үлэлэрин уопутуттан үллэһиннилэр, санаа атастастылар. Бириэмэ ыгым буолан, киһи толору кэпсииригэр кыах бэриллибэтэҕэ хомолтолоох да буоллар, мунньах кыттааччыларын сэҥээриилэрин уонна үрдүк сыанабылын хас биирдии докладчик үлэтэ ылла.
Манна мин Дьокуускай куорат 40 №-дээх «Солнышко» уһуйаан иитээччитэ, баай педагогическай уопуттаах Люция Ильинична Дедюкина этиитигэр тохтуу түһүөхпүн баҕарабын. Люция Ильинична 3 оҕо иһирэх ийэтэ, 8 сиэн эйэҕэс эбээтэ.
Кини этэринэн, оҕоҕо 3 ыйыттан кинигэни ааҕыахха сөп, оҕо бу кэмҥэ көрөр-истэр өйө сайдар. Люция Ильинична күҥҥэ биирдии мүнүүтэттэн саҕалаан оҕоҕо кинигэтэ ааҕыҥ, оччоҕо оҕоҕо отой кыратыттан ааҕарга тапталы иҥэрэбит диир. Аны төрөппүт оҕону кытары тэҥҥэ ааҕара булгуччалаах, бу саамай бастыҥ төрүөт буолар диэн кини этэр. Дедюкиннар дьиэ кэргэн оҕолорун ааҕыыга уһуйан, билигин кинилэр кырачаан сиэннэрин кытары бииргэ дьарыктаналлар. Сиэннэр номнуо бэйэлэрэ ааҕар библиотекалаахтар, бу эмиэ эбээ, эһээ бэлэхтээбит кинигэлэрэ буолар, кинилэр сиэн төрүөҕүттэн ыйдарыттан саҕалаан алгыс тыллаах кинигэ бэлэхтиир үтүө үгэстээхтэр эбит.
Онтон оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, кинилэр ситиһиилэринэн халандаар оҥороллор эбит, аны дьиэ кэргэн бэйэтэ таһаарар «Алаһа» диэн хаһыаттаахтар, дьиэтээҕи библиотекаларын киһи этэ да барбат. Дьиэ кэргэн «Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн», «Бастыҥ дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэр кыайыылаахтара.
Көрсүһүү түмүгэр мунньах кыттыылаахтара оҕо олоҕор ситиһиитэ — кини ааҕаар буолуутуттан быһаччы тутулуктаах диэн биир санааҕа кэллилэр.
Онтон үөрэх үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньаҕа саха тылын үөрэтиигэ үөрэх платформатын сүрэхтээһининэн түмүктэниэҕэ.
Анна СЛЕПЦОВА.
1
Оннук, электр.книга