Бэс ыйын 20 күнүгэр, үөрэх миниистирин Нюргуна Афанасьевна Соколовалыын Олоҥхо ыһыаҕын оҕо түһүлгэтигэр көрсүһүү буолла. Онно мин маннык ыйытыы биэрдим:
– Эн оҕо сааскар олоҥхо туох өйдөбүлүн хаалларбытай?
Онуоха Нюргуна Афанасьевна маннык эппиэттээтэ:
– Хас биирдии оҕо курдук, мин бибилэтиэкэҕэ «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону кытары билсибитим. Онно сүрүн санаанан дьоруой айымньы тухары хайдах уларыйарын уонна киһи курдук улаатарын интириэһиргээн болҕомтоҕо уурааччым. Мин өйдүүрбүнэн, чопчу итинник сюжетнай линия күүскэ хатаммыт.
Алена Федорова, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин
10 кылааһын үөрэнээччитэ, Мэҥэ Хаҥалас