Тохсунньу 11-15 күннэригэр Дьокуускайга саахымат уонна дуобат киинигэр нуучча дуобатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи биирдиилээн бастыыр иһин күрэх ыытылынна.
Кыттааччылар сааспытынан биэс бөлөххө арахсан оонньоотубут: 2004-2006, 2007-2009, 2010-2012, 2013-2016, 2016 сылтан кыралар. Араас таһымнаах, разрядтаах оҕолор бааллар, 2 разрядтан маастарга тиийэ. Күрэхтэһии үс көрүҥүнэн буолла: классическай, түргэн уонна чыпчылҕан түргэн (молниеноснай).
Мин чыпчылҕан түргэн киирсиигэ 16 оҕоттон үһүс миэстэ буоллум. Бары эрбии тииһинии тэҥҥэ киирсэн, бүтэһиккэ дылы ким үс иһигэр киирэрэ биллибэт этэ, бүтэһик үс туурбун кыайаммын, үһүс миэстэҕэ тиксэн, пъедесталга тахсар чиэскэ тигистим.
Мичил Петров, 10 кылаас, «Кэскил» медиакиин, Эмис оскуолата,
Амма улууһа.