Кэбээйи оскуолатыгар Ньургуһун күнүн 2008 с. бэлиэтиибит. Ырыа, үҥкүү, хоһоон, ньургуһун сибэккини оҥоруу куонкурустарын хас да бөлөҕүнэн тэрийэбит. Кэлин нэһилиэкпитигэр икки сылга биирдэ «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтигэр бу кэрэ сайын саҕаланыытын кэрэһэлиир күн ыытыллар.
Биһиэхэ ньургуһун чугаһынан 7 км сиргэ мырааҥҥа үүнэр. Суол оҥоһуллан билигин баҕалаах дьон бары тиийэн көрөллөр. Бу бэс ойуурбутун ыраастыыбыт, кэтээн көрөбүт. Быйыл Ньургуһун күнүгэр анаан «ЭкоВиКториНа» диэн биһиги оскуолабыт уонна Бүлүү Мастааҕын оскуолатын холбоһуктаах бырайыагынан куйаар ситимигэр тургутук оҥорбуппут. Сахабыт сирин араас оскуолаларын оҕолоро кытыннылар. Сорох ыйытыыларга ыарырҕаппыттар. Эһиги эмиэ тургутугу ааһан көрүҥ, билиигитин бэрэбиэркэлэниҥ.
Бастакы кэрэ сибэккибитин — ньургуһуну кэрэхсиэҕиҥ уонна харыстыаҕыҥ.
«Нуклеус» пост, Кэбээйи оскуолата.