Олунньу 18 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Куруһаала» атыы-эргиэн киинигэр Саха сирин уустарын XII быыстапката буолан ааста.
Өрөспүүбүлүкэ ааттаах-суоллаах уустара мустар, саха киһитин мындырын, сатабылын көрдөрөр бу улахан тэрээһиҥҥэ биһиги нэһилиэкпит аатын элбэхтик ааттаппыт, киэн туттар киһибит Ариан Афанасьев-Уус Арыйаан, үөрэнээччитэ Николай Иванов буолан кыттыыны ылан, көрөн истэн кэллилэр. Уопсайа Ньурба оройуонуттан алта киһилээх делегация кыттыыны ылла, Маартан Андрей Афанасьев, Ньурбаттан Иван Васильев, Арсен Иванов, Хатыыттан Иван Тимофеев.
Ариан Васильевич Ньурба уустарын ассоциациятын салайааччыта буолан, эдэр уустары киэҥ түһүлгэни көрдөрөр, билиһиннэрэр бэйэлэрин тургутан көрдөрөр сыаллаах илдьэ сырытта. “Бастыҥ булт” быһаҕар 50-тан тахса саха уустарын быһаҕа кытынна. Ньурба ууһа Иван Тимофеев 4-с миэстэ буолан, улахан көрдөрүүнү ситистэ. «Бастыҥ ас быһаҕа” көрүҥҥэ уолаттар да бэркэ кытыннылар. Ону сэргэ атыы өттүгэр, Арыйаан Уус оҥоһуктара барыта хамаҕатык барда. Уус уолаттар атын улуустар уран оҥоһуктарын көрөн, элбэххэ үөрэнэн, бу тэрээһинэн олус астынан кэллилэр.
Мария Николаева, Хаҥалас, Ньурба.