Бу күннэргэ Ньурба эдэр спортсменнара Дьокуускай куоракка «Спортивные якутяне» үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар кытта кэллилэр. Мин оҕолортон кыайыыга төһө эрэллээхтэрин билээри, күрэхтэһии иннинэ санааларын бөҕөргөтө таарыйа кинилэри кытары кэпсэтэргэ сананным.
Бастаан балтыбыттан, Хаҥалас орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Эвелина Ждановаттан аҕыйах ыйытыкка хоруйдууругар көрдөстүм. Эвелина буулдьанан ытыыга кыттыахтаах.
— Бу көрүҥүнэн хас сааскыттан дьарыктанаҕын? Күрэхтэһии иннинэ төһө долгуйаҕын?
— Былырыыҥҥыттан дьарыктанабын. Ытыы көрүҥэ үчүгэйэ диэн манна олус чуумпу, киһини сынньатар. Элбэҕи толкуйдаабакка, сыалгын табаргын эрэ саныыгын. Наһаа долгуйбаппын. Туох кыахтаахпынан кыттыам. Спартакидаҕа кыттар оҕолорго ситиһиилэри баҕарабын. Ким кыахтаах, ол кыайдын.
Ньурба араас хайысхалаах гимназиятын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Александр Корнилов көҥүл тустууга кыттар.
— Көҥүл тустуунан хас сааскыттан дьарыктанаҕын? Төһө бэлэмнээххин?
— Тустуунан оскуолаҕа киириэхпиттэн утумнаахтык дьарыктанабын. Күн аайы дьарыкка сылдьабын, бэлэммин.
— Туох ситиһиилэрдээххин?
— В.Н. Гоголев аатынан СӨ первенствотыгар 3 миэстэлээхпин, П.П. Пинигин аатынан аһаҕас Бүтүн Арассыыйатааҕы турнирга эмиэ 3 миэстэ, Хасавюрт куоракка буолбут Аан дойдутааҕы турнирга 3 миэстэ буолбутум, мантан атын ситиһиим онтон да элбэх.
Владимир Герасимов, Хаҥалас орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ.
— Ханнык көрүҥҥэ күрэхтэһэҕин?
— Остуол тенниһэ. Бу көрүҥүнэн 10 саастаахпыттан күүскэ дьарыктанабын. Теннис диэн спорт биир чулуу көрүҥэ буолар, манна түргэн туттуу-хаптыы наада. Спартакиадаҕа бэлэммин, дьарык үчүгэй.
Ньурбатааҕы техническай лицей 8 кылааһын үөрэнээччитэ Иннокентий Охлопков.
— Спорт ханнык көрүҥэр кыттаҕын?
— Баскетболга. Бу манна дьарыктаммытым номнуо сыл буолла. Төһө да эрчиллиитэ суох буолларбын, наһаа күүскэ долгуйбаппын.
Ньурбабыт эдэр спортсменнарыгар ситиһиилэри баҕарабын! Туохтан да чаҕыйбакка, өрүү инники күөҥҥэ!
Кэпсэттэ Анжелина ЖДАНОВА, Х кылаас, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.