Олунньу ый 3 күнүгэр Ньурба театрын саҥа таас уораҕайыгар Олоҥхо театра кэлэн ыалдьыттаан, саха норуотугар киэҥник биллибит, саха норуотун киэн туттуута буолбут, норуодунай артыыска Степанида Борисова туруоруутугар «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону көрдөрөн, көрөөччүлэр киэҥ биһирэбиллэрин ылла.
Туруоруу саҕаланыыта да ураты эйгэттэн, Өрөспүүбүлүкэбитигэр Олоҥхо театрын төлкөтүн түстэспит, аҕалаатар аҕата, саха ускуустубата аан дойду таһымыгар тахсыытыгар улахан кылааттаах норуот билиниитин, сүгүрүйүүтүн ылбыт норуодунай артыыс, билигин СӨ Ил Дарханын сүбэһитинэн үлэлиир, геокултуурнай сайдыы институт директора Андрей Саввич Борисов эҕэрдэтинэн саҕаланна.
Урукку өттүгэр Олоҥхо театрын туруоруутун көрбөтөх буолан, Ньурба театры таптааччылара бу күн сааланы толору мустан, ураты эйгэҕэ киирэн, умсугуйа, сөҕө-таптыы киэн тутта көрдүбүт.
Итэҕэйдибит өссө төгүл улуу Олоҥхобут – саха тылын кэрэтин, эгэлгэ дэгэтин, модун күүһүн түмпүт улууканнаах айымньыбыт буоларыгар. Ону дьон, көрөөччү сүрэҕэр тиэртилэр Олоҥхо театрын эдэркээн артыыстара. Бары да ураты талааннаах эдэр артыыстар оонньоон көрдөрбүттэрэ Олоҥхо театра кэскиллээҕин, көрөөччү инникитин өссө да элбэҕи эрэнэ кэтэһэрин туоһутунан буолла. Онтон сүрүн оруолу толорбут эдэркээн артыыска Анастасия Алексеева барыбыт нохтолоох сүрэҕэр тапталы сахта, саха олоҥхото сарсыҥҥылаах буоларын, Олоҥхо норуоппут духуобунай-култуурунай нэһилиэстибэтэ, историяны кэрэһилиир үтүө өйдөбүнньүгэ буоларын өссө төгүл итэҕэттэ.
Кыыс Дэбилийэ үс дойдулаах саха олоҥхотун сүрүн дьүһүлгэнэ буолан үөһэттэн анаан айыллыбыт, кини Чугдаан Бухатыыр көрдөһүүтүнэн айыы аймаҕын туһугар охсуһууга турунуута уонна кыайыыта умсугутуулаахтык көрдөрүлүннэ. Бу да сырыыга дьахтар нарын санныгар түһэриллибит эрэйи кыһалҕаны тэҥҥэ үллэстэн, бухатыыр мөлтүүр-ахсыыр кэмигэр дьахтар сиэрдээх өйүнэн, ыарахан кэмҥэ эрэллээх доҕор буолан саха кэскилин түстэстэ.
Испэктээк түмүктэниитэ олус долгутуулаах буолла, көрөөччүлэр артыыстары сыанаттан ыыппакка,”браво, бис” хаһыынан доҕуһуоллаан артыыстарга умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр. Мин таспар олорбут кырачаан көрөөччү: «эбээ мин наһаа үөрдүм, ытыһым ыалдьыар дылы таһынным», — диэн үөрбүт саҥа аллайыыта да, элбэҕи этэр, онтон биир дойдулааҕым, Саха, Ньурба театрдарын туруорууларын көтүппэккэ көрөр Ньурбатааҕы оҕо уонна дьиэ кэргэн киинин директора, Марианна Васильевна Алексеева бу испэктээк кэнниттэн статуһугар маннык суруйбут: “В пятницу вечером вырвалась в театр! На Олоҥхо! Какое торжество великого эпоса! Какая педагогика Степаниды Борисовой! Какие молодые таланты Театра Олоҥхо! Какая эстетика грима и костюмов! Какие находки режиссерские, художественные!И какой ТОЙУК!”. Бу өрөгөй тыллар кэннилэриттэн киһи эбэрэ да суох курдук.
Билигин олох сыаннастара, сайдыы тэтимэ түргэнник уларыйа турар кэмигэр эдэр көрөөччү искусство бу саамай уһулуччулаах эйгэтин-тыйаатыры таптыы, умсугуйа көрөллөрүгэр баҕа санаабын тиэрдэн туран, саха театрын төрүттэспит улуу Алампа тылларынн түмүктүүбүн: “Театр — киһи үчүгэй санаатын уһугуннарар, сайыннарар оскуола”.
Мария Николаева, библиотекарь.