Ньурба оройуонугар Педагог уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Ааспыт нэдиэлэҕэ бу сылбыт үөрүүлээх аһыллыыта «Кыталык» култуура киинигэр буолбута. Манна оройуон салалтата, учууталлар, үөрэхтээһин бэтэрэээннэрэ, общественность мустаннар үүммүт үтүө сылбыт ситиһиилээх уонна түмүктээх буоллун диэн баҕа санааларын эппиттэрэ.
Олунньу 15-16 күннэригэр Ньурба гимназиятыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Я и мой наставник» учууталлар профессиональнай таһымнарын көрөр куонкурус III төгүлүн ыытылынна. Манна барыта 12 улуустан 46 педагог кыттыыны ылла. Бу күрэхтэһии сүрүн сыалынан эдэр педагогтар үлэлэрин саҕалыылларыгар, ыыталларыгар настаабынньык сүрүн оруола, кини уопутун үллэстиитэ буолла. Бу үрдүк куонкуруска Саха национальнай гимназиятын учууталлара гран-при аат хаһаайыннара буоллулар. Онтон диломаннарынан: 1 истиэпэн – Сунтаар гимназията,
2 истиэпэн – Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат, 3 истиэпэн Ньурба оройуонун Өҥөлдьө орто оскуолатын учууталлара ааттаннылар.
Олунньу 17 күнүгэр Ньурба оройуонун Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатыгар, Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Ньурба оройуонугар Бэйэ оҥорон таһаарыы сылыгар, Михаил Васильевич Мегежекскай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар ыытыллар V Эр дьон форума буолан ааста. Бу тэрээһин дьон биһирэбилин ылыан ылар. Манна эр дьон педагогтар оҕону иитии, чуолаан уол оҕону иитиигэ, саха тылын харыстааһыҥҥа уонна үөрэхтээһин боппуруостарыгар тохтоон кэпсэтии, ырытыы оҥордулар.
Олунньу 21 күнүгэр Ньурба оройуонун Үөрэхтээһин үлэһиттэрин Олунньутааҕы сүбэ мунньаҕа Чаппанда оскуолатыгар буолан ааста. Бу манна оройуонтан үөрэҕирии үлэһиттэрэ бары мустан, 5 хайысханан араас боппуруостары ырытыстылар. Сүрүннээн оскуола иннинээҕи уонна эбии үөрэхтээһиннэр, саха тылын инникитин уонна Ньурба оройуонугар спорт сайдыытын туһунан кэпсэтистилэр, торумнастылар.
Бу курдук, Ньурба оройуонугар Педагог уонна уһуйааччы сыла көхтөөхтүк арылынна. Сылбыт саҥа саҕаланна, онон араас таһымнаах, сонун, үтүө тэрээһиннэри, хамсаныылары өссө да ыытан иһиэхтэрэ диэн санаалаахпын.
Мин бэйэм эмиэ педагогическай дьиэ кэргэннээх буоламмын, ол курдук, ийэм, эһээм уонна эбээм учууталлар, куруук үөрэхтээһин боппуруостарыгар чугаспын. Онон биһиги бу сылтан элбэҕи күүтэбит уонна эрэнэбит.
Слава Васильев, «Ыллык» эдкорпост, Ньурба, Хаҥалас.