Дьиэ кэргэн, таптал уонна эрэллээх буолуу күнүгэр мин кыратык бэйэм дьиэ кэргэним биир үтүө үгэһин кэпсиэхпин баҕардым.
Биһиги дьиэ кэргэн – Ждановтар олус иллээх уонна көхтөөх ыалларбыт. Араас күрэхтэһиилэргэ, акцияларга, куонкурустарга кыттарбытын олус сөбүлүүбүт.
Мин эһээлээх эбээм тэлгэһэлэригэр биир бастакынан олус үчүгэй сайыҥҥы балаҕан туттубуттара. Манна биһиги сайыҥҥы тэрээһиннэрбит барыта буолаллар: эбээм дьүөгэлэрин ыҥыран чэйдэтэр, ыалдьыттары күндүлүүр, араас фотосессия да ыытааччылар. Онтон биһиги манна тапталлаах “КЭСКИЛ” хаһыаппытын ааҕабыт.
Даҕатан эттэххэ, эһээм Александр Леонидович ЖКХ маастара, кини оскуола оҕолоругар “Кэскил” хаһыаты сурутууга нэһилиэк биир бастыҥ спонсорынан буолар. Ол аата кини оҕолор “Кэскили” суруталларыгар көмөлөһөр. Кини нуучча омук хааннаах да буоллар сахалыы сиэри-туому ытыктыыр уонна тутуһар. Эбээм Маргарита Николаевна актыбыыс бэрдэ. Быйыл «Далбар Хотун» күрэхтэһиигэ кыттан “Айыы Хотун” аатын ылбыта.
Кылгастык кэпсээтэххэ, бу курдук олус көхтөөтүк олорор биһиги дьиэ кэргэммит.
Анжелина ЖДАНОВА, Ньурба, Хаҥалас,
“ЫЛЛЫК” эдкорпост.