Бэс ыйын өҥүрүк куйааһа сатыылаан турдаҕына, төрөөбүт нэһилиэкпитигэр улахан ойуур баһаара буолан ыксаталаан ылла. Ол курдук бу ый 4 күнүгэр үс- түөрт туочукаҕа хаарыан күөх тыабытын кытарар былдьаан, олорор нэһилиэкпитигэр суоһаан, кыра кыаммат оҕолору, кырдьаҕастары атын нэһилиэктэргэ аймахтарыгар барыахтарыгар диэри ыксаллаах быһыы-майгы саҕаламмыта. Аркадий Васильев эбэтин дьиэтэ оруобуна баһаар суоһуур миэстэтигэр турар буолан, тѳрѳппүттэрин кытта хаалан манаспыт. Анисимов Семен эбэтин кытта эмиэ дьиэ маныы хаалбыт. Сарсыныгар дэриэбинэбит кытыытыгар эрдэ умайбыт баhаары , дьон олоҕор куттал суоhаабат кэмигэр ийэлэрин кытта кыра күѳдьүйүүлэри умулларбыттар. Кинилэри ким да барыҥ диэн күhэйбэтэх, бэйэлэрин баҕа санааларыттан сылдьыбыттар.
Уолаттар төрөөбүт нэһилиэктэрин, оонньообут-көрүлээбит тыаларын бу курдук хорсуннук көмүскүүргэ, быыһыырга соруммуттара – олохтоохтору сөхтөрдө,сорохторго холобур да буолла.
Ньурба улууһугар тахсыбыт ойуур баһаардарын утары охсуһууга бэйэлэриҥ кылааттарын киллэрбит оҕолорбутун кытта көрсүһүү, чиэстээһин бэс ыйын 7 күнүгэр буолла. Ойуур баһаардарын бохсор үлэлэри салайа, тэрийэ сылдьар Саха Ɵрɵспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Дмитриевич Садовников уонна Ньурба улууһун баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев Хаҥаласка тахсан, уолаттарга бэйэлэрин ааттарыттан Махтал суруктары уонна бэлэхтэри туттардылар. Хорсун-хоодуот уолаттарга, маннык үтүɵ оҕолору ииппит кинилэр тɵрɵппүттэригэр, чугас дьонноругар барҕа махтал тыллара этилиннилэр.
Краснослав Васильев, VIII кылаас.
“Ыллык” пост.
Хаҥалас, Ньурба.