2022 сылы түмүктээн саҥа сылга үктэннибит.Өрүү буоларын курдук ааспыт сылбыт дьоһун суолталаах түгэннэрдээх, үөрүү да, хомолто эҥэрдээх буолан, остуоруйа летопиһыгар ураты суолу хааллардаҕа.
Тохсунньу ый 16 күнүгэр “Хаҥалас нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга Винокуров Серафим Александрович 2022 сыл түмүгүнэн сыллааҕы отчуотун олохтоохтор иннилэригэр оҥордо. Таһырдьа тоһуттар тымныы да турдар, 52 киһи кэлэн отчуоту иһиттэ.
Отчуот саҕаланыыта сэргэхтик саҕаланан, оскуолаҕа таһаарыылаахтык үлэлээн ааспыт технология учуутала Алексеева Людмила Николаевнаҕа, алын кылаас учуутала Осипова Мария Николаевнаҕа «Хаҥалас нэһилиэгэ сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ знактары нэһилиэк баһылыга С.А. Винокуров туттартаата. Баһылык ааспыт сыл түмүгүнэн нэһилиэккэ 508 киһи, оскуолаҕа 80 үөрэнээччи, бу сылга 4 оҕо төрөөбүтүн, 121 олорор дьиэ баарын, тыа хаһаайыстыбатын өттүгэр 205 ынах сүөһү, 496 сылгы, сайын 1425,8 т. от оттоммутун, 132 тн үүт туттарыллан сыллааҕы былаан туолбутун, уо.д.а. статистика өттүнэн отчуотун саҕалаата. Салҕыы баһылык быйыл сайын нэһилиэккэ 35 мөлүйүөн суумалаах 04 КВ уот линията саҥа опораҕа тардыллан турбутун, олохтоох бюджеттан 424 тыһ. көрүллэн уулусса өрөмүөнэ барбытын, улууска биллэриллибит Норуот көҕүлээһинин сылыгар улуус баһылыгын Граныгар 16 бырайыак Граҥҥа тиксэн, дьарыктаах дьоҥҥо улахан көмө буолбутун, анал байыаннай эпэрээсийэҕэ сылдьар дьоммутугар нэһилиэк общественнай тэрилтэлэрэ, чуолаан ийэлэр, эбээлэр элбэх көмөнү оҥорон, өссө да салҕыы үлэлии сылдьалларыгар махтанна.
Отчуот түмүгүнэн тэрилтэ салайааччылара кылгас иһитиннэрии оҥордулар. Олохтоохтортон саҥа тардыллыбыт уот ситимигэр таһырдьа ыйаммыт дистанционнай төлөбүр, быйылгы кыстык хайдах баран иһэригэр, нэһилиэккэ саҥа фельдшерскэй пуун аһылларыгар, саҥа таас уһуйаан дьиэтин тутуута тоҕо бытаарбытын туһунан ыйытыктар киирдилэр.
Икки чаас устата барбыт отчуот түмүгүнэн нэһилиэк олохтоохторо «Хаҥалас нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин «үчүгэйинэн» сыаналаатылар. Түмүккэ баһылык Серафим Александрович Винокуров үүммүт 2023 сыл, сахаларга Дьөһөгөй сылыгар тулууру уонна дьулууру, үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиилэри, нэһилиэк эр дьоно куруук түмсүүлээх мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьалларыгар ыҥыран баҕа санаатын тиэртэ.
М. Николаева, «Ньурба» хаһыат общественнай корреспондена.