Сэтинньи 15 күнүгэр Ньурба оройуонун С. П. Алексеев-Боһуут аатынан Чаппанда орто оскуолатыгар Бүлүү бөлөх оройуоннарын үөрэнээччилэрин «Төрүччү» өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-чинчийэр үлэлэри көрөр кэмпириэнсийэ түмүктэннэ.
Тэрийээччилэр Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатыттан Анна Слепцова, «Бэлэм буол» сурунаал эппиэттээх сэкирэтээрэ Прокопий Софронеев уонна Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт дириэктэрэ Константин Ильич Аргунов Дьокуускай куораттан кэлэннэр олус бэрт сэргэх тэрээһини ыыттылар.
«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова кыттааччыларга ситиһиилэри баҕаран тыл эппитининэн, онтон Чапппанда үөрэнээччилэрэ Омолдоон туһунан номоҕу дьүһүйэн көрдөрбүттэринэн кэмпириэнсийэбит саҕаламмыта.
Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан барыта 54 оҕо кыттыыны ылла. Үөрэнээччилэр өбүгэлэрин, төрүттэрин үөрэтэн, элбэх матырыйаалы хасыһан бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Төрүччүнү үөрэтии умсугутуулааҕын, киһини өссө эбии чинчийэргэ тардарын туһунан оҕолор эттилэр.
Ол курдук муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыт, Чаппанда орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, Дайаана Тихонова кыһаллан төрүччүтүн үөрэппит, олус үчүгэйдик схема быһыытынан көрдөрбүт. Кини маннык тэрээһиннэр хас биирдии оҕоҕо наадалаахтар уонна инникитин да туһалаахтар диэн этэр. Кэмпириэнсийэни үрдүк таһымҥа барда диэн сыаналыыр.
Онтон иккис бочуоттаах миэстэни ылбыт, биһиги Хаҥаласпыт оскуолатыттан Эльдар Мордовской «Аҕа дойду Улуу сэриитэ мин дьиэ кэргэммэр» диэн хайысхаҕа бэрт интэриэһинэйдик эһэтин, «Албан аат» уордьанын хаһаайынын Прокопий Васильев туһунан кэпсээтэ. Кини удьуордарын, тиэмэтин билэринэн дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө. Бэрт холкутук эһээтин бойобуой суолун туһунан дьоҥҥо сырдатта. Кини эһэтэ Прокопий Васильев сэрии кэмигэр хорсуннук сэриилэспитин таһынан, холкуос чулуу үлэһитэ, суорсуннаах булчут, бэйэтин 9 оҕотун таһынан эбии оҕолору иитиспит. Ол туһунан, кини кэннэ оҕолоро, сиэннэрэ туох-ханнык дьон буолбуттарын сиһилии кэпсээтэ.
Бу ааспыт кэмпириэнсийэ саха оҕото төрдүн-ууһун, өбүгэлэрин билэрин, кинилэр тустарынан чинчийэрин көҕүлээтэ. Дьиэ кэргэни өрө тутарга, аймах билэ дьонноругар ытыгылаан сыһыаннаһарга үөрэттэ. Инникитин бу оҕолор бэйэлэрин саха дьонунан сананан дойдуларын таптаан, киэн туттар буолуохтара диэн саарбаҕалаабаппыт. Сахалыы саҥаран сандаарыахтара, киһи буолан килбэйиэхтэрэ!
Оҕолор! Киэҥ сахабыт сирин улуустарыгар ыытыллар «Төрүччү» кэмпириэнсийэҕэ кыттыҥ, бэйэҕит төрүккүтүн үөрэтиҥ!
Таня Иванова, Камила Сергеева, «Ыллык» пост Ньурба, Хаҥалас.
keskil14.ru