Күөх Ньурба киэҥ киэлитигэр атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр Ньурба (Марха) улууһа төрүттэммитэ 200 сылыгар аналлаах иккис төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат бэстибээлэ «Түмэр түгэн» үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Ил Дархан гранынан ыытыллар бэстибээл
Бэстибээл иккис төгүлүн ыытылларын да иһин сүрдээҕин дьон-сэргэ сэҥээриитин ылар. Быйыл 12 оройуонтан 1,5 тыһыынча кыттааччы «Түмэр түгэни» куоттарбакка, чаҕылхай түгэни сүрэхтэригэр хатаатылар. Тэрээһин Ньурба куорат киэҥ пааркатыгар түһүлгэлэнэн ыытыллар. Тэрийээччилэр бастыҥтан бастыҥ спикердары уонна ыалдьыттары ыҥыраннар, Ньурба оройуонун олохтоохторун эрэ буолбакка, бүттүүн өрөспүүбүлүкэ дьонун үөрдэллэр.
Бу бэстибээл 1 мөл. 986 тыһ. солк. сууммалаах Ил Дархан гранынан үбүлэнэн ыытыллар. Сүрүн тэрийээччиннэн Ньурба оройуонун эдэр ыччатын дьыалатын уонна имиджевай политикатын салайааччыта Валерия Владимирова буолар.
Бэстибээл үөрүүлээх арыллыытыгар улуус баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев, СР Правительствотын Председателын солбуйааччыта Ольга Валерьевна Балабкина, физическай култуураҕа уонна спорка, эдэр ыччат дьыалатыгар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Георгий Русланович Балакшин, Россия Геройа, Мужество Орденын кавалера, штурмовой этэрээт хамандыыра, ВС РФ майора Игорь Юргин кыттыыны ылбыттара.
Ольга Балабкина: — Биһиги-күүстээх Арассыыйа аҥаарабыт. Бэйэҕит дойдугутун таптааҥ, ити саамай сүрүн буолар, биһиэхэ атын сорукпут суох. Кинини харыстыыр курдук таптааҥ! Төрөөбүт дойдуну оҕолоргут, сиэннэргит: «Биһиги — Арассыыйа патриоттарабыт! Биһиги — Арассыыйа олохтоохторобут! Биһиги бэйэбит сирбитин таптыыбыт!»дииллэрин курдук таптааҥ».
Икки күн устата сэттэ былаһаакка үлэлээтэ
Бу ааспыт икки күн устата олохтоохторго уонна ыалдьыттарга аналлаах 7 былаһаакка үлэлээтэ. Ол курдук, «Геройдуун бииргэ» манна Игорь Юргин уонна буойуттар дьиэ кэргэттэрин бэрэссэдээтэлэ Марина Бахилина баҕалаах дьону кытта көрсүбүттэрэ.
«Ыччат санаата» былаһааккаҕа Игорь Юргин, Георгий Балакшин, ХИФУ кафедратын доцена Марк Егоров, добровольчество ресурснай киинин салайааччыта Айыллаан Винокуров, межмуниципальнай ресурснай киин салайааччыта Майя Дмитриева, эдэр ыччат Министерствотын салайааччыта Ирина Федорова, тэрийээччи Валерия Владимирова буолан эдэр ыччат санааларын иһиттилэр, кинилэри кытта кэпсэттилэр.
«Кэрэ эйгэ» былаһаакканы «Айли» кэрэ аҥаардар түмсүүлэрэ тэрийдэ, манна биллэр-көстөр психолог уонна урбаанньыттар бэйэлэрин уопуттарынан уонна санааларынан үллэһиннилэр.
«Бастыҥнар түгэннэрэ» былаһааккаҕа СӨ үтүөлээх арьыыһа, урбаанньыт Анатолий Бурнашев уонна саха тылын хаалларыыга үлэлиир, саха историятын үөрэтэр блогер Масаха Мэхээс оскуола үөрэнээччилэригэр, баҕалаахтарга Саха сирин үрдүнэн сытыытык турар ыйытыктарга эппиэттээтилэр.
Бэйэлэрин сэһэргэһиилэрин «Кэпсэтиэх» былаһааккаҕа аан дойдуга дьон сэҥээриитин ылбыт хас да мөлүйүөн сурутааччылаах блогер Вячеслав Романов-Панда Саха, саха сиригэр биллэр-көстөр блогер Анастасия Обоева кэргэнинээн Николай Обоевтыын, Анатолий Бурнашев, Масаха Мэхээс, урбаан эйгэтигэр күүскэ үлэлиир-хамсыыр эдэр ыал Алена уонна Владислав Ядреевтар, Мира До ыыттылар.
Эдэр ыччат тэтимнээх үҥкүүтэ суох сатаммат буолуохтаах, онон биир былаһаакка «Түмэр тэтимэ» диэн ааттаах. Манна ырыаһыт, өрөспүүбүлүкэтээҕи үҥкүү күрэстэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Танцы на ТНТ» бырайыак кыттыылааҕа Сергей Сидоров-Serge уонна кэрэ сэбэрэлээх үҥкүүгэ Арассыыйа үс төгүллээх кыайыылааҕа, «Танцы на ТНТ», «Лучше всех» бырайыактарга кыттыылаах Диана Егорова-Lil Di бэйэлэрин сатабылларыттан, энергияларыттан үҥкүү күрэһин кыттааччыларын кытта үллэһиннилэр, маастар-кылаас көрдөрдүлэр.
Кырачаан футболист уолаттарга футбольнай фристайлга маастар кылааһы Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, ыытааччы, блогер, Саха сиригэр стрит-футболу уонна футбольнай фристайлы төрүттээччи Пётр Говоров ыытта.
Үгэс буолбут чөмпүйүөннүүн зарядка
Иккис күн сарсыардата, номнуо үгэс, Георгий Балакшин эти-хааны эрчийэр зарядкатыттан саҕаламмыта, ол кэннэ баҕалаахтар Панда Саха бэлэмнээбит сарсыардааҥҥы аһын амсайбыттара.
Ону тэҥэ икки күн устата бэһис төгүлүн ыытыллар «Ньурба Ньургуна» уонна «Ньурба Ньургуһуна» өрөспүүбүлүкэтээҕи многоборье күрэһэ ыытылынна. Уопсайа 30 кыттааччы: 18 эр бэрдэ,12 кэрэ аҥар күөн көрсүстүлэр.
Анжелина ЖДАНОВА, ХИФУ 1 кууруһун устудьуона.
Ааптар хаартыскалара.