Ахсынньы 10 күнүгэр Ньурба улууһун үөрэнээччилэригэр комплекснай спартакиада зачетугар киирэр спортивнай гимнастика буолан ааста.
Барыта 17 оскуолаттан 108 оҕо, хамаандаттан 3 кыыс, 3 уол ус көрүҥҥэ (опорный прыжок, акробатика, бревно, перекладина) күрэхтэстилэр. Кыра уонна улахан оскуолалар диэн арахсан кыайыылаахтары таһаардылар.
Улахан оскуолаларга:
1 миэстэ — НМГ
2 миэстэ — лицей
3 миэстэ — Антоновка
Кыра оскуолаларга:
1 миэстэ — Хаҥалас
2 миэстэ — Сүлэ
3 миэстэ — Чуукаар.
Үс көрүҥ түмүгүнэн муҥутуур кыайыылаах аатын уолаттарга Хаҥалас орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччилэрэ Семен Анисимов, кыргыттарга — Виолетта Иванова, Олеся Петрова буоллулар.
Спорт — олох аргыһа,
Спорт — чөл олох,
Спорт — өрүү инники!
Чөл олоҕу тутуһуҥ, доруобай буолуҥ!
Слава Васильев, 10 кыл. үөрэнээччитэ, «Ыллык» эдкорпост, Хаҥалас, Ньурба.