Ахсынньы 17 күнүгэр 1-Хаҥалас орто оскуолатын 8 кылааһын оҕолоругар дьоро киэһэ буолан ааста. Кылаас салайааччыта Петрова Марианна Леонидовналыын «Ревизор» Н.В. Гоголь Эмма Иришева туруоруутун киирэн көрөннөр, дуоһуйан таҕыстылар.
Дьокуускай куорат Саха тыйаатырын артыыстара — Петр Садовников, Роман Дорофеев, биир дойдулаахпыт Изабелла Николаева курдук биллиилээх артыыстары көрөн, билэн, олус долгуйан кэллилэр. Ордук Роман Дорофеев Хлестаков уобараһын дьиҥнээхтии биэрбитин олус биҺирээтилэр. Уолаттар Геннадий Турантаев Артемий Земляниканы оонньообутун олус сэргээтилэр, «Хайдах итинник артыыстыахха сөбүй?» диэн сөхтүлэр аҕай. Саха тыйаатырын артыыстара Ньурба саҥа тутуллубут дьиэтигэр биэс хаһан да умнуллубат күнү бэлэхтээн бардылар.
Биһиэхэ, тыа оҕолоругар, ордук үөрүү буоллаҕа дии, киһи тыйаатырга сырыттаҕына, биир тумус үрдүүр, култуура да өттүгэр, санаа да өттүгэр. 8 кылаас оҕолоро маладьыастар!
Олеся ПЕТРОВА, 11 кылаас, «Ыллык» пост, Хаҥалас, Ньурба.