Сэтинньи 1 күнүгэр Ньурба оройуонун Акана орто оскуолатыгар оройуоннааҕы актыбыыс оҕолор мустуулара буолан ааста. «Биһиги күүспүт сомоҕолоһууга» диэн девизтаах көрсүһүүгэ барыта 11 оройуон оскуолаларыттан 110 оҕо, 17 салайааччы муһунна.
Бу улахан тэрээһини Акана оскуолатын педагог-организатора Анна Прокопьевна Соркомова ыытта. Ньурба оройуонун үөрэҕириитин салалтатыттан Бастыҥнар хамсааһыннара куратордара Жанна Иннокентьевна Ефремова, Мария Ивановна Сидорова кэлэн оскуола оҕо тэрилтэтин салайааччыларыгар семинар ыыттылар. «Ньурба эрэлэ» диэн оҕо тэрилтэтин оҕолоро, салайааччылара эмиэ баар этилэр. Ньурба ыччатын комитетын эдэр үлэһиттэрэ бырайыак оҥорон хайдах салгыы үлэлэтэри үөрэттилэр. Юлианна волонтердар хамсааһыннарын туһунан кэпсээтэ.
Сүрүн тэрээһин — активистар мустууларын түгэннэриттэн кэпсээтэххэ маннык буолла. Аһыллыыга хас биирдии оскуола бэйэтин билиһиннэриитин көрдөрдө. Онтон оҕолору буккуйан 6 араас хамаандаларга араардылар. Биһиги дьүөгэбинээн Эвелина Ждановалыын, убайбынаан Володя Герасимовтыын биир хамаандаҕа түбэспиппит. Барыта 12 оҕо буолан билсиһэн, толкуйдаан этэрээппитин “МТС” диэн ааттаабыппыт. Сорудахтарынан көрөн квестка, үҥкүү, ырыа күрэхтэһиилэригэр бэркэ кытыбыппыт. Медиа-чаас, отряднай чаас диэн сорудахтар эмиэ бааллара. Олус ыгым, бокуойа суох элбэх куонкурустар буоллулар. Бүтэһигэр тэрийээччилэр оҕолорго араас анал ааттары анаатылар: «Саамай таланнаах», «Саамай позитивнай» уонна да атыттары. Биһиги Хаҥаласпыт оскуолатыттан Баишев Айысхан “Саамай активнай”, Афанасьева Айыллаана “Генератор идей” диэн ааттары ыллылар. Бу олус үчүгэй. Онтон түмүккэ уопсай дискотека буолбута. Бу мустууга Хаҥаластар барыта 10 буолан салайааччыбыт Александра Аркадьевна Иванованы кытары бэркэ сылдьан кэллибит. Элбэх доҕоттордонон, оонньоон-көрүлээн астынныбыт аҕай. Тэрийээччилэргэ махтал уонна бу маннык таһаарыылаах көрсүһүүлэр куруук ыытылла турдуннар!
Лияна Федорова, «ЫЛЛЫК», пост Ньурба, Хаҥалас.