Бары билэрбит курдук, 1940 сыллаахха тимуровскай хамсааһын тэриллибитэ. Онно сурууйааччы Аркадий Гайдар «Тимур и его команда» диэн айымньыны таһааран сабыдыалы биэрбитэ. Тимуровецтар көмөҕө наадыйар кыаммат дьоҥҥо бэйэлэрин баҕаларынан үлэлииллэр-хамныыллар.
Ол курдук, биһиэхэ Ньурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр «Эрэл» оҕо хамсааһына баар. Манна оскуолабыт көхтөөх оҕолор сылдьаллар. Хас сыл ахсын, үгэс быһыытынан, тимуровскай хамсааһын буолар. Номнуо уолаттарбыт мас хайытан, кыргыттар саһааннаан үс ыалга көмө оҥордубут. Биһиги кырдьаҕас дьоннорбут сылаас чэйинэн,алгыстаах алаадьыннан күндүлээн махтана атаарбыттара. Көхтөөх, үлэҕэ үөрүйэх оҕолору тимуровскай хамсааһыҥҥа кыттыһыҥ диэн ыҥырабыт!
Анжелина Жданова, «Ыллык» эдкорпост, 10 кылаас, Ньурба.