Киэн туттар биир дойдулаахпыт эколог-суруйааччы, суруналыыс, Российскай Федерация культураҕа ситиһиилэрин иһин бэлиэтин хаһаайына, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Михайлович Сосин быйыл төрөөбүтэ 95 сыла буолар.
Онон сиэттэрэн Иннокентий Михайлович Сосин, Алексей Попов мелодиятыгар оччотооҕу норуокка биһирэммит “Нуораҕана киһитэ” диэн ырыа туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Иннокентий Михайлович бэйэтэ суруйан хаалларбытынан кини Дьабыыл оскуолатыгар учууталынан ананан тиийбитигэр музыка учууталынан Алексей Попов үлэлиир эбит. Биирдэ Алексей Леонтьевич мелодия оонньоон иһитиннэрбит уонна бу мелодияҕа тыл суруйарыгар көрдөспүт. Ол хоһооно оскуолаттан биэрэстэ (ол аата биир километр) кэриҥэ сиргэ турар сайылыкка баран истэҕинэ айыллыбыт. Мелодиятыгар сөп түбэһэн бэркэ табыллыбыт.
Нуораҕана киһитэ
Ньукулайым бэйэтэ
Сылгыларын үмүөрэ
Сыһыылары кэрийэ
Арыылааҕы аттынан
Айаннатан аастаҕа,
Кыттаҕайы баһынан
Кынталдьытан бардаҕа.
Бу ырыаҕа ылланар Нуораҕана киһитэ Ньукулай мин хос-хос эһэм Борисов Николай Гаврильевич буолар. Кини ахсынньы ый 19 кунугэр 1909 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Дьабыыл нэһилиэгэр сэттэ оҕолоох ыалга төрөөбүтэ.
1931 сыллаахха Алдан «Незаметнай» куоракка кыһыл көмүс хостооһунугар үлэҕэ барбыта. Манна 8 №-дээх Косарев аатынан шахтаҕа откатчигынан, кэлин шахтерунан 6 сыл үлэлээбитэ. Манна ударник аатын ылбыта, сыаналаах бэлэҕинэн наҕараадаламмыта.
Сэрии иннинэ дойдутугар кэлэн армияҕа барыар диэри «Кыһыл сардаҥа» колхозка сылгыһытынан үлэлээбитэ.
1943 сыллаахха армия кэккэтигэр ыҥырыллан Забайкальскай байыаннай уокурукка үлэ фронугар 1946 сыллаахха диэри сулууспалаабыта.
Онтон төрөөбут дойдутугар эргиллэн кэлэн 1971 сыллаахха диэри «Кыһыл сардаҥа» колхозка 25 сыл үтүө суобастаахтык сылгыһытынан үлэлээбитэ. Өр сыллаах дьаныардаах үлэтин сыаналаан 1954 сыллаахха Бүтүн союзтааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыыны ылбыта. 1957 уонна 1960 сылларга икки төгүл, сылгы иитиитигэр үрдүк көрдөрүүнү ситиспитин иһин, Саха АССР Верховнай сэбиэтин Президиумун Почетнай Грамотатынан наҕараадаламмыта, 1957 с. ВДНХ-ҕа кыттыбыта, үлэлээбит сылларыгар 7 убаһаны эбии төлөбүргэ ылбыта. Бэйэтин үлэтигэр бэриниилээҕин үгүс ахсааннаах грамоталар, сыаналаах бэлэхтэр туоһулууллар.
Николай Гаврильевич икки уол оҕолоох, биир кыыстаах этэ. Улахан уол Владимир 4 оҕолоох, Константин 7 оҕолоох. 11 сиэннээх, элбэх хос сиэннээх. Кини олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыбыт.
Биһиги, Борисовтар халыҥ аймах, эһэбит туһунан кэпсэттэхпитинэ кинини ырыа гынан көтүппүт Иннокентий Михайловиһы наар махтана ахтабыт.
Сайаан Борисов, А.С. Шахурдин аатынан
Төҥүлү орто оскуолатын
7 “а” кылааһын үөрэнээччитэ