Мин – сахабын, эн – нууччаҕын, кини – эбэҥки. Биһиги бары модун Арассыыйа олохтооҕо буолабыт. Биһиги бары биирбит, биир дьиэ кэргэн буолабыт. Биһиги күүспүт – биһиги түмсүүбүтүгэр. Мин санаабар, норуоттар сомоҕолоһуулара диэн норуоттар доҕордоһуулара.
Сылын аайы сэтинньи 4 күнүгэр, ханна олорорбутуттан тутулуга суох, норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн бэлиэтиибит. Онон сирдэтэн, бу күн нэһилиэкпитигэр Духуобунас киинигэр норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр аналлаах тэрээһин – кэнсиэр үрдүк таһымҥа ыытылынна. https://vk.com/wall-199463452_24406
Бу күн үрдүк сыанаттан араас омуктар үҥкүүлэрэ, ырыалара олохтоохторго сэргэх киэһэни, үтүө сынньалаҥы бэлэхтээтэ. Көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээн, кэнсиэри икки бүк киэргэттилэр.
Маннык тэрээһиннэр ыытыллар, маннык үтүө бырааһынньыктар бэлиэтэнэр буоланнар, оҕолор кыра эрдэхпититтэн норуоттар доҕордоһуулара диэн тугун билэ-көрө, сыаналыы улаатабыт.
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, IX кылаас,
А.Е. Кралин аатынан Абаҕа орто оскуолата, Амма