Быйыл Норуоттар сомоҕоһууларын күнэ Арассыыйаҕа 19-с сылын бэлиэтэнэр. Бу бырааһынньыгы РФ Судаарыстыбаннай Дуумата 2005 с. сэтинньи 4 күнүгэр бэлиэтэнэр гына олохтообута. https://vk.com/video-199463452_456242278
1612 с. земскэй ыстаарыста Кузьма Миинин уонна кинээс Дмитрий Пожарскай Москваны Польскай интервеннэртэн босхолообута дириҥ ис хоһоонноох бэлиэ күнэ Норуоттар сомоҕоһууларын күнүнэн биллэриллибитэ.
Арассыыйаҕа олорор норуоттар араас уустуктары, ыарахаттары бары бииргэ сомоҕолоһон, өйөһөн, өйдөһөн, туораан кэллилэр. Онон Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ өбүгэ саҕаттан бэйэ-бэйэни өйөһүүгэ, үтүөҕэ тардыһыыга, култуурунай сыаннастары бииргэ сайыннарыыга туһуланар.
Ону биһиги төрөөбүт сахабыт литературатыттан ааҕан билэбит. Холобур, Эрилик Эристиин «Революция уолаттара», Николай Якутскай «Төлкө» романа, онтон да атын айымньыларга норуоттар доҕордоһуулара, атын омуктар биһиги сахабыт норуотугар оҥорбут үтүө үгэстэрэ, үөрэхтэрэ сырдатыллар.
Араас омук биир дьоллоох дьиэ кэргэн курдук олоруохтаахпыт дии саныыбын.
Биһиги курдук уустук килиимэттээх сиргэ бары бииргэ түмсэн, өйөнсөн олордохпутунан эрэ сатанар курдук.
Норуоттар икки ардыларыгар доҕордуу сыһыан үйэттэн үйэҕэ салгыы бара турдун диэн баҕа санаалаахпын. Бэйэ-бэйэҕитигэр үчүгэй сыһыаннаах буолун. Дьиэ кэргэҥҥит дьоллоох, эйэлээх буоллун.
Мария Матвеевна ПОПОВА, Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала,
Т.И. Петрова аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата