Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Сэбиэскэй Сойуус худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Анна Прокопьевна Скрябина олоҕун устата саха таҥаһын үөрэтиинэн, тигиинэн, ону үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиинэн утумнаахтык дьарыктаммыта.
А.П. Скрябина Хаптаҕай оскуолатыгар уһуннук үлэлээбитэ. Сахалыы синньэлээн тигиини энтузиаст, новатор учуутал дьаныһан туран киллэрбитэ. Үөрэнээччилэрин Маша Румянцева, Аня Колесова, Лена Лукина үлэлэрэ Бүтүн Сойуус, Аан дойду таһымыгар быыстапкаҕа кыттыбыттара.
1982 с. түөрт бастыҥ үөрэнээччитин Москваҕа художественнай училищеҕа бэйэтэ сиэтэн илдьэн үөрэттэрбитэ. Онтон салгыы Торжок куоракка аны көмүс сабынан тигиигэ 4 үөрэнээччитин үөрэттэрбитэ. Анна Прокопьевна саҥаттан саҥа идеялары киллэрэн иһэрэ. Оскуолабытыгар художественнай кылаас арыйбыта, онно оҕолор уруһуй араас тиэхиникэтигэр үөрэммиттэрэ, ону тэҥинэн синньэлээн тигии баара. 3 сыллаах авторскай бырагыраама суруйбута. Улууска элбэх оҕону хабаары аны Министиэристибэттэн туруорсан, 50 миэстэлээх интернаттаах ускуустуба оскуолатын арыттарбыта. Улуус араас оскуолаларыттан талааннаах оҕолор кэлэн үөрэммиттэрэ.
Бу Анна Прокопьевна олоҕо, үлэлээбит үлэтэ бэйэҕэ, үлэҕэ ирдэбил үтүө холобура буолар.
Бу үбүлүөйдээх 95 сылыгар маастар үөрэнээччилэрэ, биир дойдулаахтара кинини утумнаан элбэх үлэни оҥордулар.
Ол курдук, оноолоох, кытыылаах, кокуордаах соннору нэһилиэк иистэнньэҥнэрин «Умсулҕан» (сал. Е.И. Федорова), «Күөгэйэ» (сал. А.Ю. Терентьева) тиктэн кэтэн, синньэлээн, быысапкалаан паннолары оҥорон уонна Анна Прокопьевна үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр үлэ 55 маастар үлэлэриттэн холбоммут 3 миэтэрэ усталаах, 2,5 миэтэрэ туоралаах Анна Прокопьевна оһуордарынан быысапкалаан, хоруомканан оһуор анньан «Умнуллубат оһуордар» диэн панно сүрэхтэниитэ буолар.
«Кустук» медиастудия, Хаптаҕай орто оскуолата.