Аныгы олох тэтимигэр саха тыла, култуурата, үгэһэ симэлийбэтин туһугар, аныгы технологиялары кытта тылбытын кэккэлии сайыннарыахтаахпыт. Тылбыт инникитэ — оҕолорго. Аныгы оҕо толкуйа, көрүүтэ чыҥха атын. Билигин кыра саастарыттан Ютуб ситимин көрөллөр, араас роботтары оҥороллор, көмпүүтэри сатыыллар. Билигин сахабыт тылын, култууратын IT эйгэтигэр сыһыаран, сахалыы тыллаах контент оҥордохпутуна, тылбыт сайдыа, кэҥиэ уонна тарҕаныа.
Алтынньы 17 күнүгэр ZOOM платформа нөҥүө “Норуот өйүн-санаатын барҕа баайын, култууратын саҥа технологияларынан сырдатыы, тириэрдии” диэн сэргэх семинар буолан ааста.
Семинарга IT эйгэтигэр үлэлии-хамсыы сылдьар чинчийээччилэр, учууталлар, бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ уонна оҕолор бэйэлэрин ньымаларын, үлэлэрин уонна үөрүйэхтэрин атастастылар.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Физико-техническэй институтун лабораториятын сэбиэдиссэйэ Сергей Ефимович Васильев “3D Раритеты Якутии” — диэн бырайыгын билиһиннэрдэ. Саха норуотун туттар сэбин-сэбиргэлин, иһитин-хомуоһун 3D технологиянан тыыннааҕымсытан киһи ханна баҕарар сылдьан төлөпүөнүн нөҥүө көрүөн сөп. Иһит тутула эрэ буолбакка, оһуора-мандара хайдах баарынан көстөр.
Дьокускай куорат “Оҕо киинэ” эбии үөрэхтээһин киин педагога Вилия Владиславовна Лугинова семинар истээччилэригэр Ютуб ханаалыгар хаачыстыбалаах контент оҥоруутугар “Көрдөөх наука” сахалыы тыллаах оҕо Ютуб ханаалын холобуругар маастар кылаас ыытта.
Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр институт лабараана Василий Васильевич Бочкарев “Саха тылын синтезатора” диэн олус интэриэһинэй дакылаат оҥордо. Саха саҥатын үтүктүү, уһулуу үлэтэ саха тыла интэриниэккэ киирэригэр көмө буолуо диэн баҕа санаатын эттэ.
Н.Е. Мординов аатынан “Кэскил” оҕо кыһатын дириэктэрэ Ольга Ивановна Семенова “Кэскил” оҕо кыһата уонна оҕо аныгы суруналыыстыката” диэн дакылаатыгар аныгы кэм хаһыата ааҕыллар эрэ буолбакка, билиҥҥи IT технологиялар көмөлөрүнэн иһиллэр уонна көстөр буолла диэн эттэ. “Кэскил” оҕо кыһатын таһаарыылара кумааҕыга сурулларынан муҥурдаммакка, интэриниэт ситимигэр барытыгар ааҕааччыларыгар аһаҕастарын сырдатта.
Национальнай библиотека үлэһиттэрэ билиҥҥи хааччахтааһын кэмигэр “Персональный библиотекарь” диэн систиэмэнэн үлэ туһунан билиһиннэрдилэр. Электроннай библиотека нөҥүө оҕо кинигэ буларыгар, ааҕарыгар анал, табыгастаах усулуобуйаны киллэрии туһунан кэпсээтилэр.
Ангелина Кузьмина, суруналыыс, чинчийээччи, бырайыак ааптара:
— “Саха өйүн-санаатын баайын уонна култууратын сырдатар-чинчийэр киин” кэммиэрчэскэйэ суох автономнай тэрилтэ Ил Дархан Граныгар кыайбыт сырдатар-чинчийэр бырайыагын чэрчитинэн, ыччакка уонна үөрэнээччилэргэ аналлаах “Норуот өйүн-санаатын барҕа баайын, култууратын саҥа технологияларынан сырдатыы, тиэрдии” диэн үөрэтэр, уопут үллэстэр тэрээһинэ буолла. Бу саҥа сүүрээни М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университеты, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын үөрэтэр институту уонна Дьокускайдааҕы эрдэҕэс оҕо киинин кытта тэрийдилэр. Дьокуускай, Орто Халыма, Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Амма, Ньурба, Уус Алдан улуустарыттан IT эйгэҕэ үлэлиир испэсэлиистэр, устудьуоннар, ыччат уонна оҕолор аныгы технологиялары, көрүҥнэри туһанан төрөөбүт тылбытын, үгэспитин сиэрбитин-туоммутун, төрүт дьарыкпытын хайдах гынан тиэрдиэххэ, үйэтитиэххэ сөбүн туһунан уопуттарын үллэһиннилэр. Чопчу туһаайыылары, сүбэлэри биэрдилэр. Онлайн тэрээһиҥҥэ барыта 91 киһи кытынна.
Ыччат кэлэр кэскилбит буолар. Онон тылбытын-өспүтүн, норуоппут духуобунай баайын, култууратын салҕааччылар кинилэр. Оҕолорбутугар, ыччаппытыгар саҥа кэм таһымынан, аныгы технологиялар көмөлөрүнэн бу сүҥкэн баайы тиэрдии бырайыакпыт сүрүн сыала-соруга буолар. Бырайыак чэрчитинэн, үүммүт үөрэх дьылыгар төрөппүттэргэ, ыччакка өбүгэ төрүт билиитин, үгэһин кэпсиир, саха ыала оҕону иитиигэ сүбэлэриттэн үллэстэр саҥа “Саха суола” диэн сахалыы ютуб-ханаал уонна саайт баар буолла. Кыттааччылар биэриилэри уруокка туһаныахха сөбүн, олус туһалаахтарын, уонна сэмэнээргэ элбэх саҥа бырайыактары, маастар-кылаастары көрбүттэрин, бииргэ үлэлэһэр баҕалаахтарын биллэрдилэр.
Флоренция Ильинична Заровняева, Горнай улууһун Л.Е. Лукина аатынан оҕону эбии дьарыктыыр киин уһуйааччыта:
— Мин LearningApp программанан уруокка, кружок быыһыгар оҕолор билиилэрин хаҥаталларыгар туһалаах оонньуулары оҥоробун. Бу программаҕа саха айымньыларын геройдарын төһө билэллэрин, таабырыннары таайарга араас тургутук оҥоробун, Саха сирин историятыттан викторина бэлэмниибин. Бу оонньуулар оҕолор билиилэрэр-көрүүлэрэ кэҥииригэр, толкуйдуур дьоҕурдара сайдарыгар туһалаах диэн оҥоһуллаллар.
Бэйэм LearningApp программанан саҥа туһанан эрэбин. Чэпчэкитик оҥоһуллар. Бэлэм шаблоннарынан туһанан ханнык баҕарар тиэмэҕэ оонньуулары оҥоруохха сөп. Бу туһунан семинар истээччилэригэр кэпсээтим, бэйэм үөрүйэхпин тириэртим. Олус интэриэһинэй уонна туһалаах семинар буолан ааста. Сахабыт тыла сайдарын туһугар олох тэтимин кытта тэҥҥэ хаамсыахха диэн ыҥырабын.
Айыына Трофимова