Күндү оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар, иитээччилэр !
2021 сыл тохсунньу 6 күнүгэр саха норуодунай суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын туолар. Саха сиригэр уонна бүтүн Илин Сибииргэ соҕотох «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын аатын дьоһуннук сүгэр. Николай Егорович өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бэлэм буол» оҕо хаһыатыгар отут сыл үлэлээбитэ. «Бэлэм буол»-«Кэскил», «Юность Севера», «Учуутал аргыһа», «Учительский вестник» хаһыаттар редактордара, РФ,СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ суруналыыстарын судаарыстыстыбаннай бириэмийэтин лауреата , олоҕун бүүс-бүтүннүүтүн оҕо хаһыатыгар анаабыт ытыктыыр киһибит Нина Иннокентьевна Протопопова үйэлээҕи толкуйдаан, дьоһуннаах туруорсуутунан, кэлэктиип биир санаанан өйөөһүнүнэн 2013 сыллаахха оҕо бэчээтин кыһата тэриллибитэ уонна бу бэчээт кыһатыгар Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аата иҥэриллибитэ.
Нина Иннокентьевна бэйэтин кэмигэр Амма Аччыгыйын олоҕун, айар үлэтин туһунан бэрт элбэхтик суруйбута уонна норуодунай суруйааччы туһунан кинигэлэри бэлэмнээн, хомуйан таһаартарбыта. Олортон биирдэстэрэ — «Амма Аччыгыйа-«Бэлэм буолга».
Үүнэр 2021 сылга «Кэскил» оҕо бэчээтэ Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун кытта кыттыһан, сээркээн сэһэнньит үтүө аатын үйэтитэр, айымньыларын, ахтыыларын, тылбаастарын, ыстатыйаларын сэҥээрэн аахтарар, чинчийтэрэр сыаллаах икки улахан бырайыагы иилээн-саҕалаан үлэлэтэргэ быһаарынныбыт.
«Амма Аччыгыйын ааҕыылара» — өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ (кэтэхтэн) уонна «Саха сээркээн сэһэнньитэ Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын көрсө, суруйааччы айымньыларынан уруһуй күөн күрэһэ»(кэтэхтэн). Сиһилии информацияны, куонкурустар балаһыанньаларын туһунан keskil14.ru cайтпытыгар киирэн ааҕыаххыт, көрүөххүт диэн бигэтик эрэнэбит.
Таатта улууһугар Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатын сүгэр Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга урут-уруккуттан оҕо ааҕар эйгэтин кэҥэтиигэ, сахалыы ааҕар култуураны үүнэр ыччакка иҥэрэр үтүө үгэстээхтэрин билэбит. Ол, бастатан туран, оҕо хаһыатыгар суруйтарыы уонна айар талааннаах ыччаттары иитии буолар.
Бу күннэргэ Харбалаахха «Кэскил» хаһыакка сурутуу күргүөмнээхтик ыытыллар. «Харбалаах кыымнара» эдэр кэрэспэдьиэннэр постара (салайааччы И.Р.Бястнинова) , социальнай педагог М.П.Халыева, иитэр үлэни тэрийээччи М.Т.Баратова уонна саха тылын уонна литературатын учуутала В.С.Кривошапкина салайыыларынан, чоҕу хостуур “Төлөн” ААО кэлэктиибэ, олохтоох дьаһалта , тэрилтэлэр, үөрэхтээһин холбоһугун учууталлара, преподавателлэрэ, маастардара кыттыһан, “Үтүө санаа” акциятын тэрийэннэр, «Кэскил» хаһыаттарыгар сурутуулара үгэс быһыытынан ыытылла турар.
Норуодунай суруйааччы үбүлүөйүгэр анаан, Н.Е.Мординов –Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга биир саамай улахан уонна дьоһуннаах үлэлэринэн —«Бичик» кинигэ кыһатын кытта бииргэ «Онус төгүл тоҕо?» диэн оҕолор уус уран айымньыларын күөн күрэһин тэрийиилэрэ буолар. Бу күөн күрэс ыытыллар буолбута ыраатта. Быйылгы күрэс түмүгүнэн оҕолор хас да сыллаах айар үлэлэрэ түмүллэн кинигэ буолан тахсыахтаах.
Биһиги кыһабыт бу сылга икки саамай улахан уонна саамай суолталаах бэлиэ күннээхпит: Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын көрсүөхпүт уонна 2021 cыл ыам ыйын 15 күнүгэр «Бэлэм буол»-«Кэскил» хаһыаппыт 85 сааһын бэлиэтиэхпит!
Татьяна Жиркова, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ.