2024 сыл муус устар 25 күнүгэр туолуохтаах саха норуодунай бэйиэтэ С.И. Тарасов 90 сыллаах үбүлүөйүн көрсө хомуурунньук тахсарыгар матырыйаал хомуйар сыаллаах ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи өйтөн суруйуу күрэҕэ түмүктэннэ.
Күрэскэ барыта 74 үөрэнээччи өйтөн суруйуутун ыытта: 5-8 кылаас үөрэнээччилэриттэн 37 оҕо уонна 9-11 кылаастартан эмиэ 37 оҕо. Горнай улууһуттан 5 оскуола, Сунтаар уууһуттан 4 оскуола, Дьокуускай куораттан, Кэбээйиттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Үөһээ Бүлүүттэн 2-лии оскуола; Бүлүү, Муома, Ньурба, Орто Халыма, Үөһээ Дьааҥы улуустарыттан биирдии оскуола, онон 11 улуустан 22 оскуола кытынна.
Бөлөхтөрүнэн үстүү миэстэ анаммытын таһынан, бириистэри анаатылар: М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университеттан сертификаттара, “Кэскил” хаһыат, “Чуораанчык” сурунаал, “Бэлэм буол” сурунаал; С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолата; Солоҕон нэһилиэгин дьаһалтата; Т.П.Саввинова аатынан Солоҕоннооҕу тыа сирин библиотеката; Егорова Д.Н. «Мария» кафе-чайной; университет профессора, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Варвара Борисовна Окорокова, Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, бэтэрээн учуутал Александр Адамович Тарасов биһирэбил бириэмийэлэрэ.
Күрэс экспертэрэ: ХИФУ профессора, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Окорокова Варвара Борисовна, бэтэрээн учуутал, РФ суруйааччыларын, суруналыыстарын Сойуустарын чилиэнэ ТарасовАлександр Адамович, “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатыттан Алексеева Таисия Ивановна, Леонтьева Жанна Владимировна, Захарова Ньургуйаана Васильевна.
С.И.Тарасов хоһоонноругар эппит мындыр санаатын, кэрэ иэйиитин иҥэринэн, аахпытыккытын, билбитиккитин-көрбүккүтүн аһаҕастык ырытан, уус-ураннык суруйан, айар үлэ абылаҥар киирэн, салайааччыларгытын кытта алтыһан үлэлээбиккитигэр барыгытыгар барҕа махтал!
5-8 кылаас үөрэнээччилэрин түмүгэ:
Кыттааччы аата | Оскуолата | Салайааччыта | Өйтөн суруйуутун аата | Миэстэтэ, бирииһэ |
Корякин-Яковлев Руслан, 6 кылаас | Сунтаарулууһун Сунтаардааҕы политехническэй лицей-интернат | Павлова Сахайа Николаевна | Уруккуну-хойуккуну анаарарга угуйар (С.Тарасов «Саха кылыһаҕа» кинигэтиттэн ырытыы) | 1 миэстэ 1000 солк |
Слепцов Дьолун, 8 кылаас | Сунтаар №3 оскуолата, | Алексеева Анна Анатольевна | Тѳрѳѳбүт Ийэ буор дойдум | 2 миэстэ 700 солк |
Стручков Валентин, 7 кылаас | С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолата | Тарасова Туйара Александровна | Киһини үөрдэр — дьол! | 3 миэстэ 300 солк |
9-11 кылаас үөрэнээччилэрин түмүгэ
Кыттааччы аата | Оскуолата | Салайааччыта | Өйтөн суруйуутун аата | Миэстэтэ |
Эверстова Сандаара, 10 кыл | Кэбээйи улууһун Н.П. Егоров аатынан Мастаах оскуолата | Винокурова Луилиза Никифоровна | Көннөрү киһи туһунан санаа | 1 миэстэ 1000 солк |
Дмитриева Василина, 11 кыл | Бүлүү улууһун И.Н.Ханды аатынан Тылгыны оскуолата | Никифорова Елена Егоровна | Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу | 2 миэстэ 700 солк |
Чичигинарова Тамара, 10 кыл | Дьокуускай куорат 17№ — дээх оскуолата | Тарабукина Ирина Егоровна | Убайым сорудаҕа | 3 миэстэ300 солк |
5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт биһирэбил бириэмийэлэр:
Кыттааччы аата | Оскуолата | Салайааччыта | Өйтөн суруйуутун аата | Биһирэбил бириэмийэлэр |
Васильева Мила, 5 кылаас | С.И. Тарасов аатынан Өрт оскуолата | Тарасова Туйара Александровна | Курус санаалаах хоһоон | “Кэскил” хаһыат биһирэбил бириэмийэтэ 5 оҕоҕо (оголор ааттарын салгыы көр) |
Кычкина Павлира, 6 кылаас | Кэбээйи улууһун Е.Е. Эверстов аатынан Кэбээйи оскуолата | Иванова Валентина Николаевна | Мои чувства и мысли, рожденные стихами Саввы Тарасова | |
Матчитов Еремей | Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан орто оскуолата, 8 | Попова Анна Михайловна | Кырдьаҕас саллаат | |
Мордовской Гаврил, 5 кыл. | Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү оскуолата | Алексеева Кыыма Гаврильевна | Кыайыыга эрэл | |
Прокопьева Сайаана, 5 кылаас | Горнай улууһун С.П.Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолата | Борисова Александра Саввична | Сочинение по стихотворению С.И. Тарасова « Монолог матери» | |
Максимова Алгыстана, 6 кылаас | Горнай улууһун С.И.Тимофеев-Кустуктаанап аатынан Маҥаны Оскуолата, | Баишева Пелагея Николаевна | Сандал сааһы уруйдааччы | “Чуораанчык” сурунаал биһирэбил бириэмийэтэ |
Свинобоева Алиана | Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ф.Г. Охлопков аатынан Майа оск-та, 5 | Данилова Наталья Иннокентьевна | Хаары таптыыбын | С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын анал аата |
Сидорова Нарыйа | С.И. Тарасов аатынан Өрт оскуолата | Тарасова Туйара Александровна | Дьиктиргээн, сөбүлээн аахтым | В.Б.Окорокова биһирэбил бириэмийэтэ |
Еремеева Любовь | Орто Халыма улууһун Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл Оскуолата, 7 кыл | Ноговицына Изабелла Егоровна | Инньигэс астааҕар күндү | А.А.Тарасов биһирэбил бириэмийэтэ |
9-11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт биһирэбил бириэмийэлэр:
Кыттааччы аата | Оскуолата | Салайааччыта | Өйтөн суруйуутун аата | Биһирэбил бириэмийэлэр |
Егоров Анатолий, 11 кыл | Горнай улууһун Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ оскуолата | Кириллина Саргылана Викторовна | Комсомол умаппыт умсулҕаннаах уоттара… | ХИФУ сертификата (100 баал) 3 оҕоҕо (оҕолор аатарын салгыы көр) |
Макарова Сардаана, 11 кыл | Сунтаар улууһун В.И.Иванов аатынан Кэмпэндээйи политехническэй оскуолата | Ефимова Анастасия Александровна | Кэлэр кэскили түстээччи уол оҕо барахсан | |
Петрова Люцита, 11 кыл | Горнай улууһун Л.Н.Харитонов аатынан Маҕарас оскуолата | Корякина Варвара Николаевна | Санаа – киһини кынаттыыр күүс.(С.И.Тарасов «Санаалар» хоһоонун ырытыы) | |
Чемезов Агит, 10 кыл | Горнай улууһун С. И. Тимофеев – Кустуктаанап аатынан Маҥаны оскуолата | Исакова Мария Егоровна | Бу кэрэ, бу орто дойдуга… | «Чуораанчык» сурунаал анал аата |
Федорова Дьулиана, 9 кыл | Үөһээ Бүлүү улууһун С.П.Федотов аатынан Оҥхой оскуолата | Илларионова Марина Гаврильевна | Харыстаа | «Бэлэм буол» сурунаал анал аата |
Ефремов Иннокентий, 9 кыл | С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолата | Тимофеева Людмила Николаевна | О край родимый, прости и не вини… | С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын биһирэбил бирииһэ |
Мордовская Саина, 9 кыл | Горнай улууһун Софрон Данилов аатынан Дьиикимдэ оскуолата | Кириллина Саргылана Викторовна | Савва Тарасов поэзиятыгар бэргэн этиилэр | В.Б. Окорокова биһирэбил бирииһэ |
Аммосова Оксана, 10 кыл | Үөһээ Дьааңы улууһун Боронук оскуолата | Стручкова Акулина Трофимовна | Киһи буолуу кэрэтэ | А.А.Тарасов биһирэбил бирииһэ |
Новгородова Наталья, 11 кыл | С.И.Тарасов аатынан Өрт орто оскуолата | Тарасова Прасковья Николаевна | Хоһоон хонуутугар сиэтэн киллэрдэ | Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгин биһирэбил бириэмийэтэ |
Попова Сахаайа, 10 кыл | Мэҥэ Хаҥалас улууһун Алтан орто оскуолата | Попова Анна Михайловна | Тиэргэҥҥэ таптал | Т.П.Саввинова аатынан биһирэбил бириэмийэ |
Титова Аэлита, 11 кыл | Сунтаар улууһун С.А. Зверев аатынан Түбэй Дьаархан оскуолата | Титова Любовь Сергеевна | Күүтүү диэн — эрэл | Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгин биһирэбил бириэмийэтэ |
Михайлова Алексия, 10 кыл | Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү оскуолата | Афанасьева Антонина Ивановна | Бастакы хаар сылаас нуолура | Т.П.Саввинова аатынан биһирэбил бириэмийэ |
Оскуолабыт сайтыгар (ertschool.ucoz.ru) өйтөн суруйуу күрэһин түмүк боротокуола, кыттааччыларга туоһу суруктар, кыайыылаахтарга Добун суруктар, биһирэбил бириэмийэлэр, бэлиэтэммит үөрэнээччилэр салайааччыларыгар махтал суруктар. Өйтөн суруйуу барыта хомуурунньукка бэчээттэниэҕэ (үөрэнээччилэрин сэргэ салайааччылар ааттара эмиэ ааттаныаҕа).
Туйаара Тарасова, Өрт, Горнай.
Хаартыскаҕа: Сандаара Эверстова, Мастаах, Кэбээйи.