Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Билии күнүн бэлиэтиибит. Бүгүн үөрэнээччилэргэ, устудьуоннарга, учууталларга, үөрэхтээһин эйгэтин үлэһиттэригэр саҥа үөрэх дьыла саҕаланна. Маҥнайгы кылааска киирэр оҕолорго ордук долгутуулаах кэм үүннэ.
Ол курдук Сэбиэскэй Сойуус геройа Ф.К.Попов аатынан Дьокуускай куораттааҕы 20 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа биэс маҥнайгы кылаас арылынна, уопсайа 140 оҕо үөрэнэ киирдэ.
Биир сахалыы кылаас баар буолла. Быйыл оскуола кэлэктиибэ уонна үөрэнээччилэрэ Чайковскай аатынан уулуссаҕа турар дьиэҕэ киирбиттэрэ 20 сылын бэлиэтииллэр эбит. Бу кэм устата үгүс оҕо үөрэнэн, билии ылан, олох киэҥ аартыгар үктэммитэ кэрэхсэбиллээх. Оскуола дириэктэрэ Ульяна Алексеевна Аргунова Сайсаар биир дьоhун оскуолата сайдарын, аатырарын туһугар сүҥкэн кылаатын киллэрбит салайааччы быhыытынан биллэр.
Вера Константиновна Иванова, 1 “г” кылаас учуутала:
— Быйыл мин сахалыы тыллаах кылаас салайааччыта буоллум. Уопсайа 25 оҕо үөрэнэ киирдэ. Оскуолабыт дьиэтин 20 сылыгар аналлаах “Мин уонна мин оскуолам” диэн кылаас чааhын тэрийэн ыыттым. Оҕолорбут “Чуораанчык” сурунаалы бэлэх тутан, олус үөрдүлэр, астыннылар. Сорохтор дьиэлэригэр суруйтаралларын туhунан үөрэ- көтө кэпсээтилэр. Сурунаалы ааҕа үөрэниэхпит, сэргэх кэпсээннэрин, аптаах остуоруйаларын уруокпутугар туhаныахпыт.
Александра Митина, төрөппүт:
— Быйыл үһүс оҕом маҥнайгы кылааска киирдэ. Учууталбыт Вера Константиновна олус үчүгэй ис хоhоонноох кылаас чааһын бэлэмнээн ыытта. Оҕом олус долгуйбута. Оскуолаҕа барарын наһаа кэтэһэр этэ. Онон эрдэттэн бэлэмнэнии, түбүк бөҕө буолбуппут. Илиитигэр “Чуораанчык” сурунаалы тутан наhаа үөрдэ! Көрө, кырааскалыы охсоору тиэтэйэр. Оскуолабытын бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибит! Дьоһун, үтүө ыччаты үүннэрэн таһаарарыгар баҕарабыт.
Ушатова Намыына, 1”б” кылаас үөрэнээччитэ:
— Мин бүгүн бастакы кылааска киирдим. Бэҕэһээ олус долгуйбутум. Оскуола хайдаҕын билбэт этим. Бүгүн оскуола иһин көрөн астынным. Оҕо бөҕө! Бастакы уруокпун сөбүлээтим. Нуучча кылааһыгар киирбиппин. Ол иһин барыта нууччалыы. Хата “Чуораанчык” диэн сахалыы сурунаал бэлэх туттум. Элбэх ойуулаах, осуоруйалаах. Дьиэбэр тиийэн өссө үчүгэйдик көрүөм.
«Чуораанчык» сурунаал балаҕан ыйынааҕы нүөмэрэ Дьокуускай куорат 390 сылыгар ананан бэчээттэнэн таҕыста. Тапталлаах куораппыт сайдарын туhугар элбэх киһи кыһаллар, үлэлиир-хамсыыр. Оттон Дьокуускайбыт кэскилэ, эрэнэр эрэлэ кэнчээри ыччаппыт, үөрэнээччилэрбит буолаллар. Кинилэр сырдыгы, кэрэни таба көрөллөрүгэр биһиги сирдьит буолуох тустаахпыт, айар эйгэни арыйыахтаахпыт!
Нюргуяна ЗАХАРОВА.
8 8
Билии кунунэн️
⚘️
Намыына
Сегодня день такой особый:
Пойдёшь не в садик ты, а в школу,
Друзей хороших заведёшь
И море нового найдёшь.
Желаю дней счастливых много,
Пусть светлым будет путь-дорога,
Учёба пусть легко идёт,
Дневник пятёрками цветёт.
Желаю первой быть всегда
И не сдаваться никогда!
Билии күнүнэн
Урдук ситииьиилэри
С днем знаний