Оҕолоор, эһиги Сахалин арыытыгар уонна Амур өрүс тардыытыгар олорор нивхтэр диэн төрүт омуктар тустарынан истибиккит дуо? Нивхтэр ахсааннара аҕыйах, былыр-былыргыттан муораҕа балыктаан уонна бултаан айахтарын ииттинэллэр. Кинилэр тыллара аан дойдуга эмиэ сэдэх, ханна, хаһан үөскээбитэ чопчулана илик тылларга киирсэр.
Владимир Михайлович Санги — нивх суруйааччыта. Кини аата Аан дойдуга биллэр. Владимир Михайлович нивх норуотун алпаабытын, букубаарын оҥорбута, төрөөбүт норуотун былыргы сэһэннэрин, үһүйээннэрин, остуоруйаларын хомуйбута. Үгүс омуктар нивх норуотун туһунан Владимир Санги бэртээхэй айымньыларыттан элбэҕи билэллэр.
Бүгүн Владимир Санги айымньыларыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Николаевич Жирков тылбаастаабыт «Хабдьы тоҕо күлэрий?», «Эһэ уонна моҕотой кэпсэппиттэр», «Бырдах» остуоруйаларын истэргитигэр ыҥырабыт.
Остуоруйалары манна киирэн истиҥ: https://keskil14.ru/podcast/