Нивх норуотун литературатын төрүттээччи, бэйэтин омугун алпаабытын, букубаарын оҥорбут, аар-саарга аатырбыт классик суруйааччы Владимир Михайлович Санги «Эһэ уонна моҕотой» остуоруйатын Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Татьяна Ильинична Жиркова ааҕарын көрүҥ, сэргээҥ, оҕолоргутугар иһитиннэриҥ.
В.М. Санги олоҕо уонна айар үлэтэ Саха сирин кытта ыкса ситимнээх. Кини саха норуотун аҕа көлүөнэ суруйааччыларын Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап, Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, С.И. Тарасов, С.П. Данилов, С.Т. Руфов, А.В. Кривошапкин уо. д. а. чугас доҕордоро.
Тиэкискэ туһанылынна: «Владимир Санги оҕолорго аналлаах үһүйээннэрэ, номохторо, остуоруйалара 7 омук тылынан таҕыстылар». Ааптар Сергей Васильев «Ил Түмэн» 01.02.2021 с.