Бу дьыл олунньу 18 күнүгэр талааннаах суруналыыс, суруйааччы, Саха өрөспүүбүлүкэтин общественнай деятелэ, «Бэлэм буол», «Юность Севера» уонна «Кэскил» оҕо хаһыттарын эрэдээктэринэн 1961-2011 сс. үлэлээбит, «Бочуот знага», «Норуот доҕордоһуута» уордьаннар кавалера, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах гражданина, Саха АССР култууратын бочуоттаах үлэһитэ, Саха сирин судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Гражданскай килбиэн», Софья Сидорова аатынан анал аат, «Честь. Профессионализм. Достоинство» бэлиэлэр хаһаайката, Дьокуускай куорат, Бүлүү уонна Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Советскай Союз геройун Н.А. Кондаков огдообото Нина Иннокентьевна Протопопова төрөөбүтэ 95 сылын туолла.
Нина Иннокентьевна биһиги Сахабыт сиригэр сайдарыгар, гражданскай уопсастыба буоларыгар бэйэтин сүдү кылаатын киллэрбит киһинэн буолар. Кини олунньу 18 күнүгэр 1927 сыллаахха Бүлүү улууһун Чинэкэ нэһилиэгин Уотту диэн учаастакка бааһынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Нина Иннокентьевна бэйэтин үлэтин саха тылын уонна география учууталынан саҕалаабыта, оҕолору кытта үлэлэһэр дьоҕурдааҕа онно арыллыбыта. Онтон 1946 сыллаахха оройуон комсомольскай кэнпириэнсийэтигэр кини Бүлүү райкомын 2 секретарынан талыллан, салайааччы быһыытынан бэйэтин сайыннарбыта. Саха государственнай университетын бүтэрэн баран, 1958 сыллаахха ахсынньы ыйтан саҕалаан «Бэлэм Буол» хаһыат эрэдээксийэтигэр сурук отделыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1961 сыл олунньу ыйтан саҕалаан алтынньы 2011 сылыгар диэри, оруобуна 50 сыл, өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хаһыаттарыгар «Бэлэм буолга», онтон «Кэскилгэ» уонна «Юность Севера» сүрүн эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.
Нина Иннокентьевна Протопопова аата Арассыыйа рекордтарын кинигэтигэр саамай уһуннук үлэлээбит кылаабынай эрэдээктэр быһыытынан киирбитэ. Кини оҕо хаһыатын аҕам саастаах эрэдээктэрин, оҕо хамсааһынын салайааччытын быһыытынан, кимнээҕэр да ураты, оҕо суруналыыстыката сайдарын туһугар, эдэр көлүөнэни иитиигэ бэйэтин улахан, сыаналаммат кылаатын киллэрбит киһи буолар. Ону тэҥэ кини төрүт Саха сиригэр оҕо хаһыата оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо эмиэ тиийэрин, биллэрин курдук ис сүрэҕиттэн кыһаллан туран үлэлээбитэ.
Бу күннэргэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Сэбиэскэй Сойуус геройа Н.А. Кондаков мусуой-дьиэ дириэктэринэн 1992-2020 сс. үлэлээбит, краевед Марианна Еоровна Гоголева иилээн-саҕалаан ыыппыт «Олох сэһэнэ» диэн ааттаммыт Бүлүү улууһун үрдүнэн Нина Иннокентьевна Протопопова туһунан уонна бэйэтин бэргэн этиилэринэн челлендж биллэриллибитэ.
Сиһилии манна көрүҥ: