Өймөкөөн улууһун Томтор оскуолатын XI кылааһын үөрэнээччитэ Никита Петров научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ “Муома уонна Өймөкөөн оройуоннарынан экспедицияҕа сиртэн хостонор минераллары үөрэтии» тиэмэнэн кыттар. Научнай салайааччытынан үрдүк категориялаах химия учуутала М.Ф.Осипова буолар. СӨ үөрэҕириитин туйгуна Маргарита Федоровна үөрэнээччилэриттэн элбэх оҕо химияҕа сыһыаннаах идэни талан, биолог, химик, медик, эколог буоллулар.
— Үлэм тоҕооһо минераллары чинчийиигэ сытар, тоҕо диэтэххэ, Өймөкөөн оройуона сиртэн хостонор баайын саппааһынан (хорҕолдьун, кыһыл көмүс, сурьма, вольфрам, ртуть о. д. а) саамай баай улуустар ахсааннарыгар киирэр.
Үлэм сыала-соруга: Экспедиция кэмигэр Дьабыканов сиригэр булуллубут минераллары быһаарар уонна ойуулуур ньымалары чинчийии.
Бу сыалы ситиһэргэ маннык соруктары туруордум:
1) Бу тиэмэҕэ литератураны уонна интернет матырыйаалларын үөрэтии.
2) Экспедиция кэмигэр минераллары булуу, мунньуу.
3) Муома уонна Өймөкөөн карталарын үөрэтии.
Чинчийии ньымалара: Минераллары хомуйуу, ойуулааһын уонна быһаарыы.
Үлэм экспедиция кэмигэр мунньуллубут матырыйаалга тирэҕирэр.
Сир силиһэ, хайа боруодалара, хорҕолдьун уонна метеориттар сүрүннээн минераллар диэн ааттанар веществолартан тураллар. Минераллар биир структураттан тураллар, онон хайа боруодаларыттан уратылаахтар, хайа боруодалара хас да минерал састааптаахтар. Минерал физика уонна химия сокуонунан айылҕа дьайыытын түмүгэр үөскүүр. Минераллар ис структурата — кристалл быһыылаах.
Алмаас уонна графит биир химическэй элементэн-углеродтан турар, ол эрээри структуралара араас кристалл “решеткалаах» буолар.
Минераллары маннык араарыахха сөп: Механическай (кытаанах, сымнаҕас), оптическай (өҥө, күлүмүрдүүрэ), физическэй (кристал быһыыта, морфологията) уонна химическэй.
Минерал свойствота химическэй, физическэй, оптическай, магнитнай диэҥҥэ араараллар.
Минераллары чинчийиигэ элбэх параметр туһаныллар. Тас көстүүлэрин таһынан минераллар кытаанах, кэбирэх, кылбачыйар буолаллар.
Муома уонна Өймөкөөн оройуоннарынан «Эндемик» НКОУ үөрэнээччилэрин үөрэх экспедицията атырдьах ыйын 2018 с.14-21 күннэригэр ааспыта. Муома сиригэр сылдьан, табаһыттар ыстаадаларыгар, хайаҕа сылдьыбыппыт. Бу экспедиция сырыытыгар 71 таас арааһын булбутум. Хомуллубут матырыйаалтан ордук чаҕылхай, ураты көстүүлээх таастары сөбүлээтим.
Минераллары хайдах быһаарыахха сөбүй?
1. Ханна уонна ханнык усулуобуйаҕа таас булуллубутунан (хайалар, өрүс биэрэгэ, ойуурга, суол кытыыта о. д. а.);
2. Өҥүн билээри фарфорга (чааскы, тэриэлкэ хатыылаах (шершавый) түгэҕин ) минералы сэрэнэн аалабыт. Мантан тахсыбыт минерал бороһуога хайдах өҥнөммүтүн көрөбүт.
3. Таас ыйааһына. Ыйааһынын быһа холоон, чэпчэки дуу, ыарахан дуу диэн быһаарабыт.
4. Магниттааҕа. Бу хорҕолдьуннаах минералларга аналлаах быһаарыы буолар. Минерал тимир курдук килбэчийэн көстөр бытархайдаах буоллаҕына, магнит эбэтэр компас стрелкатынан бэрэбиэркэлиибит.
6. Минерал ис өттүн, килбэчийэрин көрөөрү, кыратык хайа охсуохха сөп.
Булуллубут матырыйаалтан тас бэлиэлэринэн икки тааһы ойуулаатым. Олортон биирдэстэрэ -антимонит. Тимирдиҥи килбэчийэрдээх. Кытаанаҕа — 2-2,5. Ыйааһына 4,5-4,6 г/с3. Өҥө – сибиниэстии сиэрэй. Кэбирэх. Антимонит хорҕолдьун буолар, мантан сурьманы уһааран таһаараллар.
Сурьма электрическэй аккумулятордары, төлөпүөнү, электрическэй кабелы, полупроводниктары, медицинскэй оборудованиены, холодильникник эмалын оҥорууга туттуллар. Фармацевтикаҕа, таҥас, өстүөкүлэ, эрэһиинэ оҥорон таһаарыытыгар эмиэ наадалаах.
Сурьманы Россияҕа Красноярскай кыраайга (Раздольнинскайга), Саха сиригэр (Сарыылаахха) хостууллар. «Сарылах- Сурьма» ААО Сарыылаах диэн сиргэ хостуур уонна байытар фабриканы үлэлэтэр. Өймөкөөн оройуонун киинэ Уус-Ньараттан 50 км тэйиччи сытар.
Булуллубут таастартан иккис тааһым — кварц. Кини сир силиһигэр биир саамай тарҕаммыт минерал буолар. Атын минераллар састааптарыгар смесь уонна силикат быһыытынан киирэр. Араас көрүҥнээх. Интэриэһинэй өҥнөөх,тачыгырас, өстүөкүлэ курдук килбэчийэр. Кварц кыһыл көмүс аргыһа буолара биллэр.
Чинчийэр үлэ кэмигэр минераллар, кинилэр састааптарын билистим.Экспедиция түмүгүнэн хонуу усулуобуйатыгар таастар испииһэктэрин оҥордум.Төрөөбүт дойдубут туһалаах баайын-дуолун туһунан элбэҕи биллим. Ойуутунан, тас көстүүтүнэн минераллары быһаарарга үөрэнним. Биһиги улууспутугар араас минерал баайдаах сирдэр өссө баар буолуохтарын сөп. Булуллубут таастар испииһэктэрин кэҥэтэр былааннаахпын.