Быйыл П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын туолар. Саха норуотун чулуу уола Былатыан Ойуунускай дьонугар-сэргэтигэр оҥорбут үтүөтэ үйэлэргэ ахтылла, кэриэстэнэ туруо. Ол туоһутунан улуу суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл үбүлүөйдэрин саха норуота бүтүннүү чиэстээн бэлиэтээбитэ тоһулуур. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэртэн биирдэстэринэн 1983 сыллаахтан, бастаан Чөркөөх оскуолатын иһинэн ыытыллар, салгыы өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна Россиятааҕы таһымҥа тахсыбыт «Ойуунускай ааҕыылара» буолаллар.
Никита Аргылов, «Ойуунускай ааҕыыларын» 2001 сыллаах лауреата, НИУ ВШЭ Санкт-Петербурдааҕы гуманитарнай наука уонна искусство оскуолатын Медиа департаменын салайааччыта, доцент:
— 2001 с. Өлүөхүмэттэн дэлэгээссийэ чилиэнин быһыытынан сылдьыбытым, түөрт буолан сылдьыбыппыт: Кыыллаахтан, Абаҕаттан, Нөөрүктээйиттэн.
Мин кэмпириэнсийэҕэ «Ойуунускай поэзиятыгар өҥ туттуллуута» дакылааппынан кыттан, дьүүллүүр сүбэ, чуолаан учуонай М.П. Алексеев -Дапсы үтүө сыһыанынан уонна сыанабылынан II степеннээх дипломант уонна «Кыраҕы чинчиһит» номинация хаһаайына буолбутум. Үлэбэр кини айымньыларын түһүмэхтэргэ араарбыппыт, олоҕун араас кэрчиктэригэр өҥ көмөтүнэн, өҥ туттуллуутунан кини дойдуга буола турар сүүрээннэри, настарыйыанньаны, уонна бэйэтин тус олоҕор буола турар уларыйыылары көрдөрбүппүт. Ол курдук, 1917 сыллаахха диэри айымньытыгар элбэхтик от күөх, халлаан күөх өҥү туттара, ол аата үүнэргэ-сайдарга эрэллээх, инникилээх этэ диэн сыаналаабыппыт. Онтон 20-с сылларга Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн кыһыл уонна хара өҥү элбэхтик туттар буолбута.
Бу сырыы биһиэхэ, оскуола оҕолоругар, улахан суолталаах этэ. Онно биһиги Суорун Омоллооннуун көрсүбүппүт, алааска хааман истэҕинэ, тохтотоммут кэпсэппиппит. Дмитрий Кононович ыйыппыта: “Хайа, саха тылын үөрэтэҕит дуо, өлүөхүмэлэр?”. Ону биһиги: “Биһиги кыыллаахтарбыт дии, саха тылын үөрэтэбит, билэбит”, — диэбиппит. Ону дьиктиргээбитэ, «өлүөхүмэлэр сахалыы аанньа билбэттэр, үөрэппэттэр” диэн. Өлүөхүмэлэр тустарынан итинник өйдөбүллээх этэ. Хаартыскаҕа түспүппүт. Манна өссө оҕо суруйааччыта, хоһоонньута Дьөҥкү Сээни кытта билсибиппит, кинигэлэрин атыыласпыппыт. Кэмпириэнсийэ түмүгүнэн миигин Тааттаҕа тэриллэр литературнай лааҕырга ыҥырбыттара.
Билигин санаатахха, оҕолор итинник улахан тэрээһиҥҥэ атын улуустан айанныыллара, бэйэлэрин саастыылаахтарын, биир интэриэстээхтэрин кытта билсэллэрэ олус үчүгэй буоллаҕа. Бу сырыы кэнниттэн билсибит оҕолорбутун кытта сурук суруйсар этибит. Ойуунускай ааҕыыларын түгэннэрин, үөрэх миниистиэристибэтиттэн Феодосия Габышева миэхэ диплом туттарбытын билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. Маннык тэрээһин суолталааҕын, наадалааҕын бэлиэтиэххэ наада. Онно билсибит оҕолор билиҥҥэ диэри билсэбит, доҕордоһобут.
Мин бэйэм филология өттүнэн үөрэтэн, Ойуунускайы общественнай хамсааһын лиидэрин курдук айар үлэтин нөҥүө билбитим. Ойуунускай олоҕо, үлэтэ эдэр ыччакка тиийэр гына өссө да чинчийиллиэн, үөрэтиллиэн наада. Кини кылгас олоҕор араас хайысхалаах улахан суолталаах элбэх үлэни хаалларбыт уопсастыбаннай диэйэтэл, суруйааччы буолар. Ойуунускай үбүлүөйүгэр кини Саха сирин сайдыытыгар суолтатын күргүөмүнэн ахтан -санаан, кини хаалларбыт нэһилиэстибэтин салгыы үөрэтэ, чинчийэ туруохтаахпыт.
Оскуолабытыгар «Бэргэн» юнкорпоска Николай Николаевич Нутчиҥҥа дьарыктаммытым олоҕум суолун буларга олук буолбута диэн махтанабын.